Ыраас диэн тыл синонима

Саха тылын урогар тургутуктар

  • Скачать материал (медленно)

    Настоящий материал опубликован пользователем Григорьева Алена Иннокентьевна. Инфоурок является
    информационным посредником и предоставляет пользователям возможность размещать на сайте
    методические материалы. Всю ответственность за опубликованные материалы, содержащиеся в них
    сведения, а также за соблюдение авторских прав несут пользователи, загрузившие материал на сайт

    Если Вы считаете, что материал нарушает авторские права либо по каким-то другим причинам должен быть удален с
    сайта, Вы можете оставить жалобу на материал.

    Удалить материал

  • Григорьева Алена Иннокентьевна

    • На сайте: 1 год и 3 месяца
    • Подписчики: 0
    • Всего просмотров: 4972
    • Всего материалов:

      9

Синонимия — тыл биирдэмнэрин биир таһымнаах көрүҥнэрин (тыл, морфема, тыл ситимэ) суолтата толору биитэр толрута суохтук сөп түбэһиитэ.

Синоним – (synonymia – одноименный) греческай тыл. Суолтатынан биир эбэтэр. Чугасыһар өйдөбүллээх, оттон дорҕооннорун састаабынан тус-туспа бэриллэр тыллар бөлөхтөрүн синонимнар диэн ааттанар [Ааллааҕыскай 1957: 4 66].

Синонимнар – дор5ооннорун састаабынан тус-туһунан саҥарыллар, ол гынан баран, биир эбэтэр маарыннаһар суолталаах тыллар ааттаналлар. Нуучча синонимистара синоним уопсай өйдөбүлүн быһаарыылара биирдик олосхуйа илик. Ол эрээри үгүс өттүлэрэ бу үгэс курдук туттуллар быһаарыынан салайтараллар.

Синонимнаһар кэккэ тыллар бүттүүн синонимическай бөлөҕү (кэккэни) оҥороллор. Ол бөлөххө биир сүрүн, баһылыыр-көһүлүүр суолталаах тыл баар буолар. Ол тыл «доминанта» диэн ааттанар. Тылларга доминанта синонимическай бөлөх иннигэр турааччы. Холобур, сылайбыт диэн тыл – доминанта, кинииэхэ синонимнаһар тыллар: илистибит, мөлтөөбүт, ахсаабыт, хараабыт, уҕараабыт, саллыбыт диэн тыллар, бары холбоһон, биир тустаах синонимическай бөлөҕү үөскэтэллэр.

Синонимическай бөлөх тылларын ахсаана биир тэҥ буолбатах. Соро бөлөх синонимнаһар тыллара элбэх, оттон сороҕо аҕыйах буолар. Холобур, үөһэ бэриллибит сылайбыт диэн тыл алта синонимнаһар тыллаах эбит буоллаҕына, ыйытыы диэн тыл боппуруос эрэ диэн тылы кытта сирэй синонимнаһар кыахтаах. Ол курдук, аҕыйах (икки, үс) тыллаах синонимическай бөлөх үөскүүр. Синоним бөлөҕүн үөскэтиигэ синонимнаһар тыллар суолталарын бэйэ-бэйэлэригэр маарынната сатаабакка, доминанта тылга сөп түбэһиннэрэн оҥоһуллуохтаах [Луковцев 1982: 136 142].

Синоним туһунан

Бэйэтин кэмигэр дьоһуннаах үлэнэн сыаналаммыт Ф.И. Фонвизин суруйбут нуучча тылын синонимнарын бастакы тылдьыта 1783 сыллаахха тахсыбыта. Синоним бэйэтин туһугар үгүс уустук өрүттэрдээх, сорох суоллара билигин да ситэ-хото быһаарылла илик, тыл биир баай араҥатынан буолар быһыылаах.

А.Б. Шапиро синоним диэн тугун, кини суолтатын биирдиилээн ученайдар XVII үйэттэн ыла бадахтаабыт аттарыыларын, чинчийбит үлэлэрин анализтаан туран, бэйэтин киэҥ ис хоһоонноох ыстатыйатыгар бу курудк суруйбуттаах : «Между тем словарь синонимов — пособие первой небходимости, наряду с грамматикой и толковым словарем».¹

¹  А.Б. Шапиро. “Некоторые вопросы теории синонимов” (на материале русского языка). Доклады и сообщения Института языкознания АН СССР №8. 1955, с. 69.

А.Б. Шапиро синоним диэн туох өйдөбүллээх буолуохтааҕын туһунан бу курдук түмэр суолтлаах сабаҕалааһыны оҥорбута: «Синонимами являются различные по своему звуковому составу слова, обозночающие одни и те же понятия, в выражение которых вносятся дополнительные оттенки значения».

Нуучча тылын синонимын тула ааспыт өттүгэр синонимиологтар ортолоругар хайдыһан хаалыы баара – биир сүрүн биһирэмнээх быһаарыы олосхуйбатаҕын дьэҥкэтик көрдөрөр.

Профессор Л.Н. Харитонов «Современный якутский язык»² диэн дьоһуннаах үлэтигэр, ким-хайа иннинэ, төрөөбүт тыл синонимын туһунан суруйбута: «Синонимами называют слова одинаковые или близкие по значению, но различные по звуковому составу ( от греч. – одноименный). Синонимы могут заменять друг друга при выражении одного и того же понятия или основной идеия, не нарушая (не искажая) их сущности». Холобур: эһэ, кыыл, тыатааҕы, кырдьаҕас, оҕонньор; самыыр, ардах; модьу, баабый, күүстээх, тэтиэнэх; абыраа, быыһаа, өрүһүй; адьас, ончу, отой, ыыра, букатын, төрүт…

Н. К. Антонов суруйар: «Синонимнары үөрэтии төрөөбүт тыл баайын билэргэ, онон хомоҕойдук тутта үөрэнэргэ улахан туһалаах. Саха тылыгар синонимнар эмиэ балай да киэҥник сайдыбыттар… Синоним буолар тыллар үксүн элбэх суолталаах буоланнар, араас тыллары кытта синоним буоласар түбэлтэлэрэ үгүс буолааччы. Биир тыл хас суолталаах да, соччонон элбэх атын-атын синонимныы кэккэлэри үөскэтэр кыахтаах». Кини тиһэҕэр маннык түмүккэ кэлэр: «Онон үгүс өттүгэр синонимнаһар тыллар бөлөхтөрө олус киэҥ буолааччы. Ол саха тыла эҥин-эгэлгэ тылларынан, ньымаларынан баайын, туһааннаах өйдөбүлү араастык эгэлгэлээн, эҕэлээн, өрүттээн, чуолкайдык уонна хомоҕойдук этэр улахан кыахтааҕын көрдөрөр… Саха тылын синонимнарын баайа араас жанрдар, стиллэр, сыһыаннар бары көрүҥнэрин, араҥаларынан толору хааччыйар курдук, өрүү үксүү, хаҥыы, сайда турар».³

Синонимнар Г.М. Васильев суруйарынан: «Суолталарынан төһө да атылыы курдуктарын иһин, бары үүт-үкчү буолбаттар, бэрт намчы семантическай уратылардаахтар, биллэ биллибэт арахсар дэгэттэрдээх (оттенки, нюансы) буолаллар. Онон синонимнары сатаан, бэйэ стилигэр сөп түюэһиннэрэн, бэргэнник туһаныы – тыл маастарын биир боччумнаах соруга».¹

² Л.Н. Харитонов. Современный якутский язык. Якутск. 1947.

³ Н.К. Антонов. Саха билиҥҥи тылын лексиката. Якутскай. 1967. 33-34 с.

¹  Г.М. Васильев. Нууччалыы-сахалыы поэтическай тылдьыт. 1976.

К. Уурастыырап биир хоһоонугар синонимныы тыллары бэргэнник туттуюут түгэнин ылан көрүөҕүҥ.

«Дьукку билэҕин

Чуубурҕаама,

Ыыра билэҕин

Ыллаҥнаама!»

Бу чуо5а-муо5а суох булгуччу билиннэрэр хабааннаах модьуйуу. Итиннэ туттуллар синоним тыллар дэгэт өйдөбүллэрэ: дьукку туппут, ыыра тарпыт курдук дьуккурхай модьуйуулаахтар. Өскө ити оннугар адьас билэҕин чуубурҕаама… ыллаҥнаама дэммитэ буоллар, саараҥныҥы соҕус, оччо-бачча булгуччута суох модьуйууну өйдөтүө этэ. Адьас – синонимическай бөлөҕү баһылыыр тыл. Кини бэйэтин бөлөҕүн иһинээҕи атын тыллар араас өрүттээх дэгэттэригэр ханнык да кытыга суох уопсай сыһыаннаһыыны тутуһар. Бу бөлөххө киирсэр сорох тылар дэгэт өйдөбүллэрин аттарыыга хас биирдии тыл төрүт, олох суолтатыгар олоҕуран быһаарыы, ордук төрүт олох суолтатыгар олоҕуран быһаарыы, ордук тоҕоостоох курдук. Холобур, ыыра, туура, булгу, отой, түөрэ диэн тыллары дьуккуччу ылыннарар эбэтэр ылыннарбат санааны туруору этэргэ туттуохха сөп. Ол аата маһы дуу, ханнык эрэ атын предметы ыыра, туура, түөрэ тарппыкка, булгу туппукка, отойбукка холоонноох модьуйуу буолуохтаах.

Эллэй хоһоонугар этиллэринэн: «Булгу барбыт кынаты ким хайаан да көтүтүөй?!» Кырдьык, ыыра тардыллыбыт, булгу тутуллубут самсана охсуллубута дьэҥкэ.

Синоним биир суол тустаах анала – тыл суолтата кубулдьутуллан, кини өйдөбүлэ бэрт намчы дэгэттэнэн бэргэнник туһаныллыытын хааччыйыы. Синоним тыл саныыр санааны чочуйар, этэр этиини эгэлгэлиир, тыллаһар тылы кылаанныыр. Манан синоним тыл суолтатын дарбата сатаабаппыт, кини дэгэттээн этэргэ табыгастаах тылларын көмөлөһөр өҥөлөөҕүн тоһоҕолоон этэбит.

Синоним бөлөҕүн иһинээҕи хас биирдии тыл төһө дэгэт суолталанар да, соччонон туспа синонимныы бөлөҕү үөскэтэр. Холобур, үчүгэй, үтүө, күндү; кэрэ, эриэккэс; талыы, талба, мааны; туйгун чулуу диэннэр синоним биир бөлөҕө буолан ылар кыахтаахтар. Оттон тыллар тустаах дэгэтэринэн сөпсөһөн, тус-туһунан синоним биир бөлөҕө буолан ылар кыахтаахтар.Оттон тыллар тустаах дэгэттэринэн сөпсөһөн, тус-туһунан синоним бөлөҕөр хайдаллар. Ол хайдыыга атын саҥа тыллар кытталлар, дэгэт суолтата тэтимирэр: Үчүгэй дьүөгэм – үрдүттэн судургу үчүгэй. Күндү дьүөгэм – ханнык эрэ күндүргэтэр дэгэттээх үчүгэй. Үтүө дьүөгэм – таһыччы истиҥ эрэннэриилээх үчүгэй [Аллааҕыскай 1982: 3-9 142].

Саха синонимикатын үөрэтии билиҥҥи туруга

Саха тылыгар синонимы үөрэтии туругун туһунан кылгастык билиһиннэрэр буоллахха, саха тылын синонимиятын туһунан методическай суолталаах үлэ суоҕун кэриэтэ (1982 сыл туругунан). Ол курдук саха тылынүөрэхтээхтэрин сорох үлэлэригэр, тылдьыттарга кыратык, хам-түм туттуллан, таарыллан ааһаллар.

Элбэх синонимнаһар тыллар Э.К. Пекарскай «Словарь якутского языка» диэн тылдьытыгар бэриллэллэр.Холобур, алдьархай, диэн тыл синонимнарынан быһылаан, илдьиркэй, өлүү, үлүгэр, сор, эрэй, муҥ диэн тыллар киллэриллэллэр.

А.Е. Кулаковскай «Статьи и материалы по якутскому языку» диэн кинигэтигэр харамайдар уонна үүнээйилэр (диалектальнай тыллар) синомнаһыылара хабыллар. Холобур эһэ диэн тыл, сорҕото төһө да архаичнай суолталааҕын иһин, 22 синонимнаһар тыллардаах эбиттэр. Эһэ – талкы, аабый, хохтуула, эбэ, оҕонньор, тойон, улуу кыыл, тыатааҕы, ойуурдааҕы, арбаҕастаах, хоох, кини, мэлбэр, моҕус, сырҕан, хардаҕас, хадаччы, маппыйар, таптыыгын, накыта, накыйбах.

А.Е. Кулаковскай эһэ итиччэ элбэхаатааҕын икки суолунан быһаарар: маҥнайгытынан, эһэ саха сиригэр киэҥ сиринэн тэнийбитинэн, ол иһин араас сирдэргэ араастык ааттамытынан, иккиһинэн, итэҕэл, иччи өйдөбүллэрэ баалларынан куттанан, сэрэнэ, тардына ааттабыттарыттан тахсыбыт.

Маҥнайгы синонимы үөрэтиигэ анаммыт үлэнэн П.П. Барашков 1938 с. Илиинэн суруллубут үлэтэ «Словарь синонимов и омонимов на русском шрифте» диэн үлэтэ буолар. Бу тылдьыкка тыллар алфавит бэрээдэгинэн суруллаллар. Доминанта буоалр тыл бастатыллар. Ол кэнниттэн синонимическай бөлөх бэриллэр. Синонимнары быһаарар холобурдар этиилэринэн доҕуһуолланаллар.

Итилэри таһынан проф. Л.Н. Харитонов «Современный якутский язык» диэн үлэтигэр «Лексика» диэн разделга синонимнарга биир туспа параграф анаммыта. Проф. Е.И. Убрятова «По синонимике синтаксических конструкций» (сб. «Языки народов Сибири»), И.П. Винокуров «Синонимика падежных конструкций в якутском языке», А.Г. Нелунов «Глагольная фразеология якутского языка» — диэн үлэлэр бааллар. [Луковцев 1982: 136-138 142].

Саха синонимиката үөскээбит уонна

байытыллар суоллара

Саха синонимнаһар тыллара, араас кэмнэргэ үгүс ураты ньымаларга олоҕуран, сыыйа үөскээбиттэрэ.

1.    Атын омуктартан кирбит тыллартан: боростуой, киитэрэй, чыын, оонньууска (нуучч.); судургу, соло (монг.); уктас (тув.); ньымаат (эвенк) уо. д. а.

2.    Саха диалектнай тыллара уопсай тылы кытта булкуһууларыттан: ыйыт – сураа; ыарытыган – араҥ; дьабарааскы – өргүө; лааҥкы – алыҥах; долбуур – холорук; тоҥсоҕой – тоноҕос; кукаакы –ньокоокуй; тэмэлдьигэн- тоноҕос уо. д. а.

3.    Харыс тыллары (эвфемизмнары) туттууга куһэлититтэн: хотой – тойон кыыл, эһэ – кырдьаҕас, тыатааҕы; абаһы хараҕа – көрөр, анаарар уо.д.а.

4.    Тылы сымната саҥарыыттан: хат, оһоҕостоох – ыарахан; өлбүт – куһаҕан буолбут, айаннаабыт, барбыт уо.д.а

5.    Төрүт синонимнаһар тыллартан: маҥан – уруҥ; кыра – аччыгый, оччугуй, быыкаа, быыкаайык, куйа, дуона суох; үчүгэй – бэрт, үтүө…

Нуурайар чуумпу күөл дьиримнии истэрэ,

Нусхайар чугас тыа мичиҥнии күлэрэ (П.О.).

(күл, мичилий, күлүм аллай, ымай, ырбай, мырбай – синоним бөлөҕө)

Ымай-ырбай ырыанан ырбай (П.О.).

Көрсүө дьүһүннээх, номоҕон ньуурдаах, сэрэммит сирэйдээх… Тоҕус сүөм холобурдаах норуллар ноолур солко суһуохтаах эбит. (А.К.).

(дьүһүн, сирэй, ньуур; баттах, суһуох). [Луковцев 1982: 138-139 142].

Туһаныллыбыт литэрэтиирэ:

1.      Ааллааҕыскай Н.А. Саха тылын синонимнарын, омонимнарын уонна антонимнарын тылдьыт. Якутскай 1957. Якутская республиканская типография. 66 с. Синонимия

2.      Ааллааҕыскай Н.А. Саха тылын антонимнарын тылдьыта. Якутскай 1976. Якутское книжное издательство. 53 с.

3.      Аалааҕыскай Н.А., Х.Х. Луковцев. Саха тылын синонимнарын кылгас тылдьыта. Якутскай 1982. 142 с. Синонимия

Уруок   темата: Антоним, омоним, синоним  тыллар
Уруок   аата:  Тереебут тылбыт  эмиэ тыынар тыыннаах.
Уруок керунэ: Билэри чинэтэр оонньуу­уруок
Уруок сыала:
­ предметнэй:
Антоним, омоним, синоним, ес хоьооннорун, сомо5о домохторун туьунан билиини чинэтии
Антоним, омоним, синоним тылларынан тыл баайын саппааьын ханатыы
Таба суруйарга, санарарга, санааны этэргэ уерэтии
Тереебут  тыл, тулалыыр айыл5а  кэрэтин, баайын  харыстыы уерэнэргэ  иитии
Уерэх дэгиттэр уеруйэхтэрэ (УУД):
Тус санааны, сыьыаны сайыннарар уеруйэх (Личностные УУД):



 антоним, омоним, синоним тыллар этиини онорорго ылар оруолларын ейдееьун ;
 бэйэ сыьыанын, санаатын иэйиилээхтик этэргэ кыьаныы;
 атын о5о эмоциятын ейдееьун, тэннэ уерсуу;
Бэйэни салайынар, дьаьанар уеруйэх (Регулятивные УУД):



уруокка уерэтиллэр матырыйаалы учууталы кытта тэннэ уерэтии;
 учуутал этэр былаанынан уерэнэ уерэнии;
биир  эрчиллииттэн атынна сепке кеьен уерэнии;
Билэр, керер уеруйэх (Познавательные УУД):




тыллары кэтээн керерге уерэнии; 
сана тыллары толкуйдуу уерэнии;
таба санара, суруйа уерэнии; 
толоруллубут   улэ   тумугунэн   (группанан   улэ,   учууталы   кытта   улэ,   бэйэ   улэтэ)
санааны сайа этэргэ  уерэнии.
Бодоруьар уеруйэх  (Коммуникативные УУД):
– тус бэйэ санаатын тылынан , суругунан (этии, тыл, уруьуй) этэргэ уерэнии;
– атын о5о санаатын, этиитин толору истии, ейдееьун;
– хоьоону дор5оонноохтук аа5арга уерэнии;
– группанан улэлииргэ уерэнии, кэпсэтэргэ, субэлэьэргэ уерэнии;
Уруокка туттуллар тэрил: дуоска, слайдалар, уруьуй, сорудахтаах карточкалар
Уруок хаамыыта Уруок тэрээьин чааьа
 (Мотивация  к учебной деятельности, целеполагание).
1. Дорооболоьуу
2. Уруок сыалын быьаарыы: 
Бугунну уруокка биьиги урут билэрбитигэр оло5уран лексиканы чинэтиэхпит, билиибитин
тургутан керуехпут, оонньуохпут, тылы таба санарарга, суруйарга, сатаан тутта уерэнэргэ
эрчиллиэхпит. Тереебут сахабыт тыла баайын, кэрэтин туьунан кэпсэтиьиэхпит. 
      3. Турукка киирии: 
Тула еттугутун керун эрэ? Биьигини сибилигин ханнык еннер тулалыылларый? Билигин
экраны керуеххэйин. Манна ус ен бэриллибит. Бу эьиги санаа5ытыгар   тугу бэлиэтиирэ
буолуой? Ким этиэ5эй? 
Сеп:   ара5ас – кун, халлаан куех –халлаан, от куех – от­мас, 
Биьиги бу еннербутун бугунну уруокпутугар сыьыарабыт. Ол курдук:
  Ара5ас ­ антоним,   халлаан куех   – омоним, от куех – синоним. Билигин 2 хамаанда5а
хайдабыт. Тус­туьунан олоробут. Билигин мин эьиэхэ лиистэри тунэтэбин. Манна эьиги бу
уруок устата улэлиэххит. Сеп эппиэт аайы айыл5а кестуулэринэн фишкалар тиксиэхтэрэ,
ону эьиги бу лиискитигэр килиэйдээн иьэ5ит. Тумугун уруок бутуутэ керуехпут. 
Уруок сурун чааьа
(Актуализация знаний, закрепление материала)
1. Антонимнары ситэрии  (анарын учуутал, анарын – о5олор этэллэр)
Урун­хара
Ыраах­чугас
Уеруу­хомолто
Баай­дьаданы
Куьа5ан­учугэй
Куйаас­серуун
Аьыы­ньулуун
Илин­кэлин
Кэл­бар
2. Сомо5о домохторго   (хас биирдии о5о5о сорудах), антонимнары булуу Барар сирэ ба5ана уутэ, кэлэр сирэ кэлии уутэ буолла.
Биир  кун ат уор5атыгар, биир кун ат ере5етугэр.
Быста­быста сал5анар, тимирэ­тимирэ куерэйэр, еле­еле тиллэр.
А5ыйахтан а5ыйах, угустэн угус охтуо.
Илини­ар5ааны билбэт буолла.
Илин­кэлин туьус.
Иннин­кэннин билбэт
Ириэнэхтэн  иннимэ, тонтон толлума.
Иьэ­таьа биллибэт.
Кун – ый буол.
Кэннэ уьаан, иннэ кылгаан иьэр.
Сиртэн халлаанна диэри.
Сырдыкка­харана5а киллэр.
Тердугэр­тебетугэр тиий.
Тон суолун тордоо, ириэнэх суолун ирдээ.
Урун –хара суурук.
Урун­хара тылын этиттэ.
Урдэ уус бэргэьэ, анна адьыр уу.
Уеьэ­аллара турун.
Ый баьыгар­ата5ар.
Ый­кун ыьыа5а онор.
Этап тумугэ: Антонимнар диэн хайдах тылларый? (о5олор санаалара)
3. Омонимнары бэлиэтээн (слайданан улэ)
Остуолга ас тардыллыбыт.  О5урсуубут сана ас биэрэн эрэр.
Куйааска серуун утах абырыыр.  Хас да утахтан быа тахсар.
Уеьэнэн хаас уерэ ааста.  Дьэ хойуу хаастаах кыыс эбит.
Эбэм быа хатта.  От­мас олус да хатта. Биир кетех маста киллэр.  Кетех келенен олох ырааппаккын.
4. Омонимнарынан таабырын таайыыта. (слайд)
Этап тумугэ: Омонимнар диэн хайдах  тылларый? (о5олор санаалара)
5. Синонимнарга холобурдар (о5олор бэйэлэрэ булаллар)
6. Синонимнары бул:
Абырах
Беден 
Ичигэс 
Кердес 
Кундулээ 
Кыра 
Улахан 
Ааттас 
Самалык 
Маанылаа 
Оччугуй 
Сылаас 
7. Синонимнары тылынан ситэрии, тылынан этии оноруу:
Ейдеех – тебелеех, толкуйдаах
Киэргэнэр – маанымсыйар, симэнэр
Куутэбин – кэтэьэбин, кеьутэбин
Сымыйалыыр – албынныыр, 
Этап тумугэ:  Синонимнар диэн хайдах тылларый? (о5олор санаалара)
Уруок тумугэ
(Рефлексия)
(слайданы кер)
­ Слайда5а  ойуу: 
Кун              ­  ара5ас 
Халлаан      ­ халлаан куех
Сир ийэ        ­ от куех
­ Бу ойууга туох итэ5эс баарый?
Саамай сеп: дьон, мас, кыыл, сибэкки
­ Билигин хамаандалар ойууларбытын кердеребут. 
Ким айыл5ата саамай кэрэ буолла? 
Бу айыл5абыт туох тумугунэн маннык кэрэ буолла? Тыл баайын кеметунэн.
­ Тыл эмиэ тыынар тыыннаах, тыл олус баай, кыраьыабай, кэрэ керуннээх эбит.
Бу икки ойууттан хайатын талыа этигитий? ­ Баай айыл5а кестуутэ  –  баай тыллаах –естеех киьи холобура.
Онон, о5олоор баай тыллаах­естеех киьи кестер кестуутунэн хайдах буолар эбитий? 
Ийэ  айыл5абыт ситэн­тупсан турарын курдук кэрэ, кыраьыабай буолар эбит. 
­ Айыл5а харыстабылын туьунан кылгас кэпсэтии
­ Тереебут тыл харыстыырга бэйэ санаатын этии
Уруок тумугунэн о5олор санаалара (рефлексия) Барар сирэ ба5ана уутэ, кэлэр сирэ кэлии уутэ буолла.
Биир  кун ат уор5атыгар, биир кун ат ере5етугэр.
Быста­быста   сал5анар,   тимирэ­тимирэ   куерэйэр,   еле­еле
тиллэр.
А5ыйахтан а5ыйах, угустэн угус охтуо.
Илини­ар5ааны билбэт буолла.
Илин­кэлин туьус.
Иннин­кэннин билбэт
Ириэнэхтэн  иннимэ, тонтон толлума.
Иьэ­таьа биллибэт.
Кун – ый буол.
Кэннэ уьаан, иннэ кылгаан иьэр.
Сиртэн халлаанна диэри.
Сырдыкка­харана5а киллэр.
Тердугэр­тебетугэр тиий.
Тон суолун тордоо, ириэнэх суолун ирдээ.
Урун –хара суурук.
Урун­хара тылын этиттэ.
Урдэ уус бэргэьэ, анна адьыр уу. Уеьэ­аллара турун.
Ый баьыгар­ата5ар.
Ый­кун ыьыа5а онор.

Якутские буквы:

Якутский → Русский

ыраас

I 1) чистый, опрятный || чистота, опрятность; таҥас ырааһа чистота одежды; 2) перен. чистый; ыраас суобас чистая совесть; ыраас санаа чистая душа; 3) перен. открытый; ыраас сир открытая местность # ыраас олох культурная жизнь.
II большой нарыв # ыраас буолбут эвф. у него туберкулёз костей.

Якутский → Английский

ыраас

a. clean; ырааһыр= v. to become clean


Еще переводы:

clean

чистый

чисто

blank

чистопробный

чистошерстяной

чистокровный

неповинный

чистый пар

ясный

Саха тылыгар оскуола иһинээҕи олимпиада сорудаҕа

8 кылаас.

А  сорудах

1.  морфология тугу үөрэтэй салааный?

1) тыл баайын    2) саҥа чаастарын

3)  тыл ситимин, тутулун

2. Сомоҕо домох суолтатын быһаар. Ала кулуну төрөппүт.

1)айаҕын муҥунан хаһыытыыр  2) наһаа тоҥмут

3) киһи этэ тардар

3. Бу этиигэ холбуу кэпсиирэ ханнык саҥа чаастара ситимнэһиилэринэн бэриллибитин быһаар. Мин эдьиийим быраас буолуон баҕарар.

1) даҕааһын аат, көмө туохтуур  2)  дьүһүннүүр тыл, көмө туохтуур 3) сыһыат туохтуур, көмө туохтуур.

4. Этии тиибин ый. Күн сиригэр төлөммөт иэс суох.

1) сэһэн этии  2) соруйар этии  3 күүһүрдүү этии

5. Элэккэйдик сыһыат арааһын быһаар.

1) кээмэй   2)  кэм    3) буолуу

6. Бу этиигэ баһылыыр ситим арааһын быһаар. Ыраас салгын доруобуйаҕа туһалаах.

1)сөпсөһүү ситимэ   2)  сыстыы ситимэ   3) салайыы ситимэ

7. Бэриллибит этиигэ ханнык ньыма баарый: Кинигэ, Маша, бу баар.

        1) Даҕаамыр;        2) Туһулуу;        3) Саҥа аллайыы.

8.         Тэнийбэтэх этии ханныгый?

        1) 2;         2) 7;         3) 12.

2) Быйыл ардахтаах дьыл буолла. )7Маннык хойуу дьэдьэни булан баран, оҕолор эйиэнэ-миэнэ дэспэттэр.  12)  Кини ытаан барда.

9.  Бу этиигэ бэлиэтэммит тэҥҥэ холбонор ситим үөскүүр ньыматын ый. Биһиги саҥа, киэҥ дьиэҕэ көстүбүт.

А. интонация көмөтүнэн

Б. сыһыарыы көмөтүнэн

В. ситим тыл көмөтүнэн.

10. Бу этиигэ бэлиэтэммит тыл ханнык этии чилиэнэ буоларый? Кырдьык кыһыл көмүстээҕэр күндү.

А. туһаан

Б. сиһилии

В. кэпсиирэ.

В. 1.  Дорҕоонунан ырытыы: Муустаах

     2 . Састаабынан ырытыы: Дьоллоохтор

     3. Этии чилиэнинэн ырытыы: Халдьаайы саҕатыгар самналлыбат туруорбах балаҕан кубу-дьиби туттан турар.

С.  Бэриллибит тиэмэттэн тэттик өйтөн суруйуу  оҥор:

        1. Төлөпүөн мин олохпор?

        2. Билиҥҥи оҕо тоҕо саха тылын ыарырҕатарый?

        3. Саха буолан төрөөммүн…

Понравилась статья? Поделить с друзьями:
  • Ынтымак синоним
  • Ынталы синоним
  • Ынталандыру синоним
  • Ынсап синоним
  • Ыйыталас синоним