Синонимия — тыл биирдэмнэрин биир таһымнаах көрүҥнэрин (тыл, морфема, тыл ситимэ) суолтата толору биитэр толрута суохтук сөп түбэһиитэ.
Синоним – (synonymia – одноименный) греческай тыл. Суолтатынан биир эбэтэр. Чугасыһар өйдөбүллээх, оттон дорҕооннорун састаабынан тус-туспа бэриллэр тыллар бөлөхтөрүн синонимнар диэн ааттанар [Ааллааҕыскай 1957: 4 66].
Синонимнар – дор5ооннорун састаабынан тус-туһунан саҥарыллар, ол гынан баран, биир эбэтэр маарыннаһар суолталаах тыллар ааттаналлар. Нуучча синонимистара синоним уопсай өйдөбүлүн быһаарыылара биирдик олосхуйа илик. Ол эрээри үгүс өттүлэрэ бу үгэс курдук туттуллар быһаарыынан салайтараллар.
Синонимнаһар кэккэ тыллар бүттүүн синонимическай бөлөҕү (кэккэни) оҥороллор. Ол бөлөххө биир сүрүн, баһылыыр-көһүлүүр суолталаах тыл баар буолар. Ол тыл «доминанта» диэн ааттанар. Тылларга доминанта синонимическай бөлөх иннигэр турааччы. Холобур, сылайбыт диэн тыл – доминанта, кинииэхэ синонимнаһар тыллар: илистибит, мөлтөөбүт, ахсаабыт, хараабыт, уҕараабыт, саллыбыт диэн тыллар, бары холбоһон, биир тустаах синонимическай бөлөҕү үөскэтэллэр.
Синонимическай бөлөх тылларын ахсаана биир тэҥ буолбатах. Соро бөлөх синонимнаһар тыллара элбэх, оттон сороҕо аҕыйах буолар. Холобур, үөһэ бэриллибит сылайбыт диэн тыл алта синонимнаһар тыллаах эбит буоллаҕына, ыйытыы диэн тыл боппуруос эрэ диэн тылы кытта сирэй синонимнаһар кыахтаах. Ол курдук, аҕыйах (икки, үс) тыллаах синонимическай бөлөх үөскүүр. Синоним бөлөҕүн үөскэтиигэ синонимнаһар тыллар суолталарын бэйэ-бэйэлэригэр маарынната сатаабакка, доминанта тылга сөп түбэһиннэрэн оҥоһуллуохтаах [Луковцев 1982: 136 142].
Синоним туһунан
Бэйэтин кэмигэр дьоһуннаах үлэнэн сыаналаммыт Ф.И. Фонвизин суруйбут нуучча тылын синонимнарын бастакы тылдьыта 1783 сыллаахха тахсыбыта. Синоним бэйэтин туһугар үгүс уустук өрүттэрдээх, сорох суоллара билигин да ситэ-хото быһаарылла илик, тыл биир баай араҥатынан буолар быһыылаах.
А.Б. Шапиро синоним диэн тугун, кини суолтатын биирдиилээн ученайдар XVII үйэттэн ыла бадахтаабыт аттарыыларын, чинчийбит үлэлэрин анализтаан туран, бэйэтин киэҥ ис хоһоонноох ыстатыйатыгар бу курудк суруйбуттаах : «Между тем словарь синонимов — пособие первой небходимости, наряду с грамматикой и толковым словарем».¹
¹ А.Б. Шапиро. “Некоторые вопросы теории синонимов” (на материале русского языка). Доклады и сообщения Института языкознания АН СССР №8. 1955, с. 69.
А.Б. Шапиро синоним диэн туох өйдөбүллээх буолуохтааҕын туһунан бу курдук түмэр суолтлаах сабаҕалааһыны оҥорбута: «Синонимами являются различные по своему звуковому составу слова, обозночающие одни и те же понятия, в выражение которых вносятся дополнительные оттенки значения».
Нуучча тылын синонимын тула ааспыт өттүгэр синонимиологтар ортолоругар хайдыһан хаалыы баара – биир сүрүн биһирэмнээх быһаарыы олосхуйбатаҕын дьэҥкэтик көрдөрөр.
Профессор Л.Н. Харитонов «Современный якутский язык»² диэн дьоһуннаах үлэтигэр, ким-хайа иннинэ, төрөөбүт тыл синонимын туһунан суруйбута: «Синонимами называют слова одинаковые или близкие по значению, но различные по звуковому составу ( от греч. – одноименный). Синонимы могут заменять друг друга при выражении одного и того же понятия или основной идеия, не нарушая (не искажая) их сущности». Холобур: эһэ, кыыл, тыатааҕы, кырдьаҕас, оҕонньор; самыыр, ардах; модьу, баабый, күүстээх, тэтиэнэх; абыраа, быыһаа, өрүһүй; адьас, ончу, отой, ыыра, букатын, төрүт…
Н. К. Антонов суруйар: «Синонимнары үөрэтии төрөөбүт тыл баайын билэргэ, онон хомоҕойдук тутта үөрэнэргэ улахан туһалаах. Саха тылыгар синонимнар эмиэ балай да киэҥник сайдыбыттар… Синоним буолар тыллар үксүн элбэх суолталаах буоланнар, араас тыллары кытта синоним буоласар түбэлтэлэрэ үгүс буолааччы. Биир тыл хас суолталаах да, соччонон элбэх атын-атын синонимныы кэккэлэри үөскэтэр кыахтаах». Кини тиһэҕэр маннык түмүккэ кэлэр: «Онон үгүс өттүгэр синонимнаһар тыллар бөлөхтөрө олус киэҥ буолааччы. Ол саха тыла эҥин-эгэлгэ тылларынан, ньымаларынан баайын, туһааннаах өйдөбүлү араастык эгэлгэлээн, эҕэлээн, өрүттээн, чуолкайдык уонна хомоҕойдук этэр улахан кыахтааҕын көрдөрөр… Саха тылын синонимнарын баайа араас жанрдар, стиллэр, сыһыаннар бары көрүҥнэрин, араҥаларынан толору хааччыйар курдук, өрүү үксүү, хаҥыы, сайда турар».³
Синонимнар Г.М. Васильев суруйарынан: «Суолталарынан төһө да атылыы курдуктарын иһин, бары үүт-үкчү буолбаттар, бэрт намчы семантическай уратылардаахтар, биллэ биллибэт арахсар дэгэттэрдээх (оттенки, нюансы) буолаллар. Онон синонимнары сатаан, бэйэ стилигэр сөп түюэһиннэрэн, бэргэнник туһаныы – тыл маастарын биир боччумнаах соруга».¹
² Л.Н. Харитонов. Современный якутский язык. Якутск. 1947.
³ Н.К. Антонов. Саха билиҥҥи тылын лексиката. Якутскай. 1967. 33-34 с.
¹ Г.М. Васильев. Нууччалыы-сахалыы поэтическай тылдьыт. 1976.
К. Уурастыырап биир хоһоонугар синонимныы тыллары бэргэнник туттуюут түгэнин ылан көрүөҕүҥ.
«Дьукку билэҕин
Чуубурҕаама,
Ыыра билэҕин
Ыллаҥнаама!»
Бу чуо5а-муо5а суох булгуччу билиннэрэр хабааннаах модьуйуу. Итиннэ туттуллар синоним тыллар дэгэт өйдөбүллэрэ: дьукку туппут, ыыра тарпыт курдук дьуккурхай модьуйуулаахтар. Өскө ити оннугар адьас билэҕин чуубурҕаама… ыллаҥнаама дэммитэ буоллар, саараҥныҥы соҕус, оччо-бачча булгуччута суох модьуйууну өйдөтүө этэ. Адьас – синонимическай бөлөҕү баһылыыр тыл. Кини бэйэтин бөлөҕүн иһинээҕи атын тыллар араас өрүттээх дэгэттэригэр ханнык да кытыга суох уопсай сыһыаннаһыыны тутуһар. Бу бөлөххө киирсэр сорох тылар дэгэт өйдөбүллэрин аттарыыга хас биирдии тыл төрүт, олох суолтатыгар олоҕуран быһаарыы, ордук төрүт олох суолтатыгар олоҕуран быһаарыы, ордук тоҕоостоох курдук. Холобур, ыыра, туура, булгу, отой, түөрэ диэн тыллары дьуккуччу ылыннарар эбэтэр ылыннарбат санааны туруору этэргэ туттуохха сөп. Ол аата маһы дуу, ханнык эрэ атын предметы ыыра, туура, түөрэ тарппыкка, булгу туппукка, отойбукка холоонноох модьуйуу буолуохтаах.
Эллэй хоһоонугар этиллэринэн: «Булгу барбыт кынаты ким хайаан да көтүтүөй?!» Кырдьык, ыыра тардыллыбыт, булгу тутуллубут самсана охсуллубута дьэҥкэ.
Синоним биир суол тустаах анала – тыл суолтата кубулдьутуллан, кини өйдөбүлэ бэрт намчы дэгэттэнэн бэргэнник туһаныллыытын хааччыйыы. Синоним тыл саныыр санааны чочуйар, этэр этиини эгэлгэлиир, тыллаһар тылы кылаанныыр. Манан синоним тыл суолтатын дарбата сатаабаппыт, кини дэгэттээн этэргэ табыгастаах тылларын көмөлөһөр өҥөлөөҕүн тоһоҕолоон этэбит.
Синоним бөлөҕүн иһинээҕи хас биирдии тыл төһө дэгэт суолталанар да, соччонон туспа синонимныы бөлөҕү үөскэтэр. Холобур, үчүгэй, үтүө, күндү; кэрэ, эриэккэс; талыы, талба, мааны; туйгун чулуу диэннэр синоним биир бөлөҕө буолан ылар кыахтаахтар. Оттон тыллар тустаах дэгэтэринэн сөпсөһөн, тус-туһунан синоним биир бөлөҕө буолан ылар кыахтаахтар.Оттон тыллар тустаах дэгэттэринэн сөпсөһөн, тус-туһунан синоним бөлөҕөр хайдаллар. Ол хайдыыга атын саҥа тыллар кытталлар, дэгэт суолтата тэтимирэр: Үчүгэй дьүөгэм – үрдүттэн судургу үчүгэй. Күндү дьүөгэм – ханнык эрэ күндүргэтэр дэгэттээх үчүгэй. Үтүө дьүөгэм – таһыччы истиҥ эрэннэриилээх үчүгэй [Аллааҕыскай 1982: 3-9 142].
Саха синонимикатын үөрэтии билиҥҥи туруга
Саха тылыгар синонимы үөрэтии туругун туһунан кылгастык билиһиннэрэр буоллахха, саха тылын синонимиятын туһунан методическай суолталаах үлэ суоҕун кэриэтэ (1982 сыл туругунан). Ол курдук саха тылынүөрэхтээхтэрин сорох үлэлэригэр, тылдьыттарга кыратык, хам-түм туттуллан, таарыллан ааһаллар.
Элбэх синонимнаһар тыллар Э.К. Пекарскай «Словарь якутского языка» диэн тылдьытыгар бэриллэллэр.Холобур, алдьархай, диэн тыл синонимнарынан быһылаан, илдьиркэй, өлүү, үлүгэр, сор, эрэй, муҥ диэн тыллар киллэриллэллэр.
А.Е. Кулаковскай «Статьи и материалы по якутскому языку» диэн кинигэтигэр харамайдар уонна үүнээйилэр (диалектальнай тыллар) синомнаһыылара хабыллар. Холобур эһэ диэн тыл, сорҕото төһө да архаичнай суолталааҕын иһин, 22 синонимнаһар тыллардаах эбиттэр. Эһэ – талкы, аабый, хохтуула, эбэ, оҕонньор, тойон, улуу кыыл, тыатааҕы, ойуурдааҕы, арбаҕастаах, хоох, кини, мэлбэр, моҕус, сырҕан, хардаҕас, хадаччы, маппыйар, таптыыгын, накыта, накыйбах.
А.Е. Кулаковскай эһэ итиччэ элбэхаатааҕын икки суолунан быһаарар: маҥнайгытынан, эһэ саха сиригэр киэҥ сиринэн тэнийбитинэн, ол иһин араас сирдэргэ араастык ааттамытынан, иккиһинэн, итэҕэл, иччи өйдөбүллэрэ баалларынан куттанан, сэрэнэ, тардына ааттабыттарыттан тахсыбыт.
Маҥнайгы синонимы үөрэтиигэ анаммыт үлэнэн П.П. Барашков 1938 с. Илиинэн суруллубут үлэтэ «Словарь синонимов и омонимов на русском шрифте» диэн үлэтэ буолар. Бу тылдьыкка тыллар алфавит бэрээдэгинэн суруллаллар. Доминанта буоалр тыл бастатыллар. Ол кэнниттэн синонимическай бөлөх бэриллэр. Синонимнары быһаарар холобурдар этиилэринэн доҕуһуолланаллар.
Итилэри таһынан проф. Л.Н. Харитонов «Современный якутский язык» диэн үлэтигэр «Лексика» диэн разделга синонимнарга биир туспа параграф анаммыта. Проф. Е.И. Убрятова «По синонимике синтаксических конструкций» (сб. «Языки народов Сибири»), И.П. Винокуров «Синонимика падежных конструкций в якутском языке», А.Г. Нелунов «Глагольная фразеология якутского языка» — диэн үлэлэр бааллар. [Луковцев 1982: 136-138 142].
Саха синонимиката үөскээбит уонна
байытыллар суоллара
Саха синонимнаһар тыллара, араас кэмнэргэ үгүс ураты ньымаларга олоҕуран, сыыйа үөскээбиттэрэ.
1. Атын омуктартан кирбит тыллартан: боростуой, киитэрэй, чыын, оонньууска (нуучч.); судургу, соло (монг.); уктас (тув.); ньымаат (эвенк) уо. д. а.
2. Саха диалектнай тыллара уопсай тылы кытта булкуһууларыттан: ыйыт – сураа; ыарытыган – араҥ; дьабарааскы – өргүө; лааҥкы – алыҥах; долбуур – холорук; тоҥсоҕой – тоноҕос; кукаакы –ньокоокуй; тэмэлдьигэн- тоноҕос уо. д. а.
3. Харыс тыллары (эвфемизмнары) туттууга куһэлититтэн: хотой – тойон кыыл, эһэ – кырдьаҕас, тыатааҕы; абаһы хараҕа – көрөр, анаарар уо.д.а.
4. Тылы сымната саҥарыыттан: хат, оһоҕостоох – ыарахан; өлбүт – куһаҕан буолбут, айаннаабыт, барбыт уо.д.а
5. Төрүт синонимнаһар тыллартан: маҥан – уруҥ; кыра – аччыгый, оччугуй, быыкаа, быыкаайык, куйа, дуона суох; үчүгэй – бэрт, үтүө…
Нуурайар чуумпу күөл дьиримнии истэрэ,
Нусхайар чугас тыа мичиҥнии күлэрэ (П.О.).
(күл, мичилий, күлүм аллай, ымай, ырбай, мырбай – синоним бөлөҕө)
Ымай-ырбай ырыанан ырбай (П.О.).
Көрсүө дьүһүннээх, номоҕон ньуурдаах, сэрэммит сирэйдээх… Тоҕус сүөм холобурдаах норуллар ноолур солко суһуохтаах эбит. (А.К.).
(дьүһүн, сирэй, ньуур; баттах, суһуох). [Луковцев 1982: 138-139 142].
Туһаныллыбыт литэрэтиирэ:
1. Ааллааҕыскай Н.А. Саха тылын синонимнарын, омонимнарын уонна антонимнарын тылдьыт. Якутскай 1957. Якутская республиканская типография. 66 с. Синонимия
2. Ааллааҕыскай Н.А. Саха тылын антонимнарын тылдьыта. Якутскай 1976. Якутское книжное издательство. 53 с.
3. Аалааҕыскай Н.А., Х.Х. Луковцев. Саха тылын синонимнарын кылгас тылдьыта. Якутскай 1982. 142 с. Синонимия
Тургутук-тест.
1.
Этии тиибин быhаар:
«Туох тылынан кыайан толору этиэй бу уес иhигэр
куудэпчилэнэр дьол теленун?
а)Сэhэн
б)Ыйытыы в)Кууhурдуу
2. Бу тыллартан
элбэх ахсаан суолтатын бул.
А) Норуот кууhэ
– кемуел кууhэ.
Б) Уерэх баар –
бараммат баай.
2.
Синонимнары наардаа:
1.Бэски — Дабаан
2. Айылгы – Албас
3. Батас — Кыhыы
4. Аартык — Баттах
5. Аба — Сиэр
6. Угаайы — Болот
3. Омонин диэн тугуй?
4. Антоним диэн тугуй?
5. Ахсаан аат араастарын наардаа:
Ахсыс — Теhе
Уонча — Барыллааhын
Уон биир — Кэрискэ
Биэстии — Уллэhик.
6.
Нууччалыыттан киирбит тыл.
а) Хото5ос б) Курутуй в) Кумаа5ы г)
Кукаакы
5. Ордуос диэн тыл синонима.
а) Албын б) өhүргэс
в) өhөх
г) дохсун
6.Киирии тыл таба суруллубута.
а) деятелэ б) деятеля в) деятела
7. Төрүт
да5ааhыны
бул.
а) Арыылаах б) Кэйиик в) Ыраас г)
Буспут
8. Тыллары сана чаастарынан ый.
Хаар, баай, дьол, кыраhыабай,
туус, мэник, билиэт, кини, уон биэс, итинник, уеруу, сып-сырдык, иккилии,
халлаан, суус уон, ол, хаас, бу.
9. Сомо5о домохтору быhаар.
Ата5а сири билбэт буолла —
Сүрэҕэ
айа5ар та5ыста —
Уйатыгар уу киирдэ —
Ууну омурпут —
10. Сана чаастары үөрэтэр
уерэх салаата туох диэн ааттанарый?
Уруок темата: Антоним, омоним, синоним тыллар
Уруок аата: Тереебут тылбыт эмиэ тыынар тыыннаах.
Уруок керунэ: Билэри чинэтэр оонньуууруок
Уруок сыала:
предметнэй:
Антоним, омоним, синоним, ес хоьооннорун, сомо5о домохторун туьунан билиини чинэтии
Антоним, омоним, синоним тылларынан тыл баайын саппааьын ханатыы
Таба суруйарга, санарарга, санааны этэргэ уерэтии
Тереебут тыл, тулалыыр айыл5а кэрэтин, баайын харыстыы уерэнэргэ иитии
Уерэх дэгиттэр уеруйэхтэрэ (УУД):
Тус санааны, сыьыаны сайыннарар уеруйэх (Личностные УУД):
антоним, омоним, синоним тыллар этиини онорорго ылар оруолларын ейдееьун ;
бэйэ сыьыанын, санаатын иэйиилээхтик этэргэ кыьаныы;
атын о5о эмоциятын ейдееьун, тэннэ уерсуу;
Бэйэни салайынар, дьаьанар уеруйэх (Регулятивные УУД):
уруокка уерэтиллэр матырыйаалы учууталы кытта тэннэ уерэтии;
учуутал этэр былаанынан уерэнэ уерэнии;
биир эрчиллииттэн атынна сепке кеьен уерэнии;
Билэр, керер уеруйэх (Познавательные УУД):
тыллары кэтээн керерге уерэнии;
сана тыллары толкуйдуу уерэнии;
таба санара, суруйа уерэнии;
толоруллубут улэ тумугунэн (группанан улэ, учууталы кытта улэ, бэйэ улэтэ)
санааны сайа этэргэ уерэнии.
Бодоруьар уеруйэх (Коммуникативные УУД):
– тус бэйэ санаатын тылынан , суругунан (этии, тыл, уруьуй) этэргэ уерэнии;
– атын о5о санаатын, этиитин толору истии, ейдееьун;
– хоьоону дор5оонноохтук аа5арга уерэнии;
– группанан улэлииргэ уерэнии, кэпсэтэргэ, субэлэьэргэ уерэнии;
Уруокка туттуллар тэрил: дуоска, слайдалар, уруьуй, сорудахтаах карточкалар
Уруок хаамыыта Уруок тэрээьин чааьа
(Мотивация к учебной деятельности, целеполагание).
1. Дорооболоьуу
2. Уруок сыалын быьаарыы:
Бугунну уруокка биьиги урут билэрбитигэр оло5уран лексиканы чинэтиэхпит, билиибитин
тургутан керуехпут, оонньуохпут, тылы таба санарарга, суруйарга, сатаан тутта уерэнэргэ
эрчиллиэхпит. Тереебут сахабыт тыла баайын, кэрэтин туьунан кэпсэтиьиэхпит.
3. Турукка киирии:
Тула еттугутун керун эрэ? Биьигини сибилигин ханнык еннер тулалыылларый? Билигин
экраны керуеххэйин. Манна ус ен бэриллибит. Бу эьиги санаа5ытыгар тугу бэлиэтиирэ
буолуой? Ким этиэ5эй?
Сеп: ара5ас – кун, халлаан куех –халлаан, от куех – отмас,
Биьиги бу еннербутун бугунну уруокпутугар сыьыарабыт. Ол курдук:
Ара5ас антоним, халлаан куех – омоним, от куех – синоним. Билигин 2 хамаанда5а
хайдабыт. Тустуьунан олоробут. Билигин мин эьиэхэ лиистэри тунэтэбин. Манна эьиги бу
уруок устата улэлиэххит. Сеп эппиэт аайы айыл5а кестуулэринэн фишкалар тиксиэхтэрэ,
ону эьиги бу лиискитигэр килиэйдээн иьэ5ит. Тумугун уруок бутуутэ керуехпут.
Уруок сурун чааьа
(Актуализация знаний, закрепление материала)
1. Антонимнары ситэрии (анарын учуутал, анарын – о5олор этэллэр)
Урунхара
Ыраахчугас
Уеруухомолто
Баайдьаданы
Куьа5анучугэй
Куйаассеруун
Аьыыньулуун
Илинкэлин
Кэлбар
2. Сомо5о домохторго (хас биирдии о5о5о сорудах), антонимнары булуу Барар сирэ ба5ана уутэ, кэлэр сирэ кэлии уутэ буолла.
Биир кун ат уор5атыгар, биир кун ат ере5етугэр.
Быстабыста сал5анар, тимирэтимирэ куерэйэр, елееле тиллэр.
А5ыйахтан а5ыйах, угустэн угус охтуо.
Илиниар5ааны билбэт буолла.
Илинкэлин туьус.
Иннинкэннин билбэт
Ириэнэхтэн иннимэ, тонтон толлума.
Иьэтаьа биллибэт.
Кун – ый буол.
Кэннэ уьаан, иннэ кылгаан иьэр.
Сиртэн халлаанна диэри.
Сырдыккахарана5а киллэр.
Тердугэртебетугэр тиий.
Тон суолун тордоо, ириэнэх суолун ирдээ.
Урун –хара суурук.
Урунхара тылын этиттэ.
Урдэ уус бэргэьэ, анна адьыр уу.
Уеьэаллара турун.
Ый баьыгарата5ар.
Ыйкун ыьыа5а онор.
Этап тумугэ: Антонимнар диэн хайдах тылларый? (о5олор санаалара)
3. Омонимнары бэлиэтээн (слайданан улэ)
Остуолга ас тардыллыбыт. О5урсуубут сана ас биэрэн эрэр.
Куйааска серуун утах абырыыр. Хас да утахтан быа тахсар.
Уеьэнэн хаас уерэ ааста. Дьэ хойуу хаастаах кыыс эбит.
Эбэм быа хатта. Отмас олус да хатта. Биир кетех маста киллэр. Кетех келенен олох ырааппаккын.
4. Омонимнарынан таабырын таайыыта. (слайд)
Этап тумугэ: Омонимнар диэн хайдах тылларый? (о5олор санаалара)
5. Синонимнарга холобурдар (о5олор бэйэлэрэ булаллар)
6. Синонимнары бул:
Абырах
Беден
Ичигэс
Кердес
Кундулээ
Кыра
Улахан
Ааттас
Самалык
Маанылаа
Оччугуй
Сылаас
7. Синонимнары тылынан ситэрии, тылынан этии оноруу:
Ейдеех – тебелеех, толкуйдаах
Киэргэнэр – маанымсыйар, симэнэр
Куутэбин – кэтэьэбин, кеьутэбин
Сымыйалыыр – албынныыр,
Этап тумугэ: Синонимнар диэн хайдах тылларый? (о5олор санаалара)
Уруок тумугэ
(Рефлексия)
(слайданы кер)
Слайда5а ойуу:
Кун ара5ас
Халлаан халлаан куех
Сир ийэ от куех
Бу ойууга туох итэ5эс баарый?
Саамай сеп: дьон, мас, кыыл, сибэкки
Билигин хамаандалар ойууларбытын кердеребут.
Ким айыл5ата саамай кэрэ буолла?
Бу айыл5абыт туох тумугунэн маннык кэрэ буолла? Тыл баайын кеметунэн.
Тыл эмиэ тыынар тыыннаах, тыл олус баай, кыраьыабай, кэрэ керуннээх эбит.
Бу икки ойууттан хайатын талыа этигитий? Баай айыл5а кестуутэ – баай тыллаах –естеех киьи холобура.
Онон, о5олоор баай тыллаахестеех киьи кестер кестуутунэн хайдах буолар эбитий?
Ийэ айыл5абыт ситэнтупсан турарын курдук кэрэ, кыраьыабай буолар эбит.
Айыл5а харыстабылын туьунан кылгас кэпсэтии
Тереебут тыл харыстыырга бэйэ санаатын этии
Уруок тумугунэн о5олор санаалара (рефлексия) Барар сирэ ба5ана уутэ, кэлэр сирэ кэлии уутэ буолла.
Биир кун ат уор5атыгар, биир кун ат ере5етугэр.
Быстабыста сал5анар, тимирэтимирэ куерэйэр, елееле
тиллэр.
А5ыйахтан а5ыйах, угустэн угус охтуо.
Илиниар5ааны билбэт буолла.
Илинкэлин туьус.
Иннинкэннин билбэт
Ириэнэхтэн иннимэ, тонтон толлума.
Иьэтаьа биллибэт.
Кун – ый буол.
Кэннэ уьаан, иннэ кылгаан иьэр.
Сиртэн халлаанна диэри.
Сырдыккахарана5а киллэр.
Тердугэртебетугэр тиий.
Тон суолун тордоо, ириэнэх суолун ирдээ.
Урун –хара суурук.
Урунхара тылын этиттэ.
Урдэ уус бэргэьэ, анна адьыр уу. Уеьэаллара турун.
Ый баьыгарата5ар.
Ыйкун ыьыа5а онор.
Текущая страница: 5 (всего у книги 42 страниц) [доступный отрывок для чтения: 10 страниц]
К
КААКА каакый; детск. речь: всё плохое, гадкое.
КИИ сухой помёт, навоз; кизяк.
КИБИРГЭС короткий отрывистый звук; ааны тоҥсуйан кибиргэт беспрерывно стучать в дверь.
КИИБЭС могильщик; бран. изверг.
КИЙИИТ невестка, сноха; кийииттээ перен. стесняться, робеть; таҥара кийииитэ полевой цветок.
КИК подстрекать, подговаривать; склонять, настойчиво советовать, киксэр науськивать, сводить, сталкивать; киксии сговор.
КИКИРИЙ тереть с шумом; издавать скрипучий, визгливый звук.
КИИЛ крепь, киил мас плотная и крепкая часть лиственницы; кииллий делаться крепким, закалённым.
КИЛБИК стеснительный, застенчивый, робкий; килбигий (кэмчиэрий, кыбыһын, симитин) стесняться, робеть, конфузиться.
КИЛБИЭН блеск, сияние; доблесть, слава; килбэҥ блеск, күн килбэҥэ солнечный блеск; килбэчигэс блестящий, сияющий, лоснящийся; килбиэннээх прославленный, торжествующий; килбэҥнээ (килбэчий) мерно поблёскивать.
КИЛИЭ сплошной; тимир килиэ таҥастаах; килэгир гладкий, скользкий; килэй блестеть сплошь; уу килэйэр водная гладь; суол килэйэр скользкая дорога.
КИЛЛЭМ открытый; киллэм хонуу чистое поле.
КИЛЛЭР вводить, пускать, впускать; миэстэтин буллар размещать; батаран туруор вмещать; хоско киллэр принимать; тастан киллэр приносить; үүрэн киллэр загнать; этиитэ киллэр вносить предложение, испииһэккэ киллэр включать в список; тылга киллэр склонять; киллэһик вставка.
КИМ I мест. кто; ким эрэ кто-нибудь; ким эмэ кто-либо, ким даҕаны никто; ким барыта каждый, всякий; кимиэнэ, кимиэнэй чей.
КИМ II напирать, нажимать, давить, ломиться; кимэн киир наступать; кимэ тур быть навязчивым, въедливым; кимиилээх напористый.
КИИН центр; улуус киинэ улусный центр; пуп, пупок; сердцевина, средоточие, ось, стержень; киин куорат столица.
КИНИ личн. мест. он, она; кинилэр они; кининньик пренебр. и он тоже.
КИҤ злость, гнев; киҥэ холлубут в дурном расположении духа; куһаҕан киҥнээх раздражительный, вспыльчивый, запальчивый.
КИҤИНЭЙ ворчать, бормотать, бубнить; киҥир-хаҥыр саҥар ворчать.
КИҤКИНЭЭ гудеть, гулко шуметь, трещать (об огне); киҥкинэс куолас раскатистый голос.
КИППЭ крепкий, прочный; киппэ бүтэй крепко поставленная изгородь; киппэ көрүҥнээх крепкого телосложения.
КИР I кир-хох грязь, нечистоты; дьай нечисть; осквернение; кирдээх грязный; киртийбит загрязнённый, запачканный; киртит пачкать, чернить; оговаривать, порочить, запятнать имя; осквернять; киртий, кирдэн стать грязным, пачкаться; быть запятнанным; кириргээ брезговать, гнушаться грязи, быть мнительным.
КИР II кэрбээ грызть, кэрбээччилэр грызуны; эриэхэ сиир грызёт орешки; суобаһа оонньуур грызёт совесть; тиниктээ, көмүллээ глодать; санаа аалар гложет тоска; ыт кирбит уҥуоҕа обглоданная кость.
КИИР входить, заходить; въезжать; партияҕа киир вступать в партию, харахпар сыыс киирдэ в глаз попала соринка; илиибэр мас киирдэ попала заноза; проникать, сүрэхпэр-быарбар киирдэ устал, надоело; втыкаться, вонзиться; вмещаться, умещаться, размещаться; үлэҕэ киирдэ трудоустроиться; кыһалҕаҕа киирдэ впасть в нужду; тахсан киир эвфем. пойти по нужде, сходить в туалет.
КИРБИИ 1. невысокий хребет, перевал, водораздел; 2. переход, порог, рубеж, граница; кирбэй острая сторона предмета, лезвие; сарай кирбэйэ конёк крыши.
КИРГИЛ 1. чёрный дятел (тоҥсоҕой); 2. эвфем. топор.
КИРДИЭЛЭТ взявши за затылок, тыкать носом.
КИРДЬИГИНЭЭ рычать (о медведе); курдьугунаа мурлыкать (о кошке).
КИРИЙ притаиться; бүгэн олор затаиться; кириҥнээ пугливо втягивать голову в плечи; кирис гын быстро втянуть голову в плечо.
КИРИС 1. быа (өтүү) кручёная кожаная верёвка; тетива; 2. поясничная мышца; кирсим быһынна режущая боль в пояснице; ынах кирсин быспыт приближение отёла у коровы; киһиргиибин диэн кирсиҥ быстаарай не зарекайся.
КИРИЭТЭЭ 1. резать тупым ножом; 2. упрекать, укорять, выговаривать; кириэтэс перечить, прекословить, спорить.
КИРЧИМ крайний недостаток в пище, голодное время.
КИИС соболь; киис тиҥилэҕэ княженика (ягода).
КИСПЭ обруч с внутренней стороны; туу киспэтэ обруч на верше.
КИСТЭЭ I скрывать, утаивать; саһыар, хорҕот прятать; көм хоронить; кистэлэҥ тайна, кистэлэҥнээх тайный, скрытый; кистэл секрет, кистэллээх, кистэммит секретный, засекреченный.
КИСТЭЭ II ржать (иҥэрсий); туохтан күлэҕин неодобр. что ты ржёшь.
КИСТЭЛЭҤ тайна, секрет, таинство; тайный, сокровенный, секретный, скрытный, запрещённый.
КИҺИ 1. человек, муж, мужчина, взрослый человек; лицо, персона, особа; субъект, гражданин; мин киһим мой муж, супруг; киһилэн иметь любовника; киһимсэх женщина лёгкого поведения; киһийдэх дрянной человек; киһитий выйти в люди, вести себя правильно; киһилии по-человечески; 2. собир. имя: киһи аймах человечество; киһи киэнэ чужая вещь (не моя); киһи кэлбэт никто не ходит; киһиэхэ кэпсиир буолаайаҕын никому не говорить; 3. модальн. сл. барбыт киһи идти бы туда; киһи куттаныах страшно; киһи саатыах к стыду; киһи хомойуох к сожалению; киһи да күлэр смешно; киһи эрэ буоллар всё-таки.
КИҺИЙДЭХ бран. непутёвый, дрянной человек; киһийдээн потерявший человеческий облик.
КИҺИРГЭЭ хвастаться, хвалиться; чабылан бахваляться; киһиргэт захваливать; киһиргэс хвастун.
КИЧЭЙ (кыһан, кытаат, эллэс) делать старательно, тщательно, усердно, делать с рвением; сберегать, экономить; кичээҥи бережливый, рачительный; кичэл туттуу качественная работа.
КИЭБИР важничать, кичиться, заноситься, хвалиться; вести себя высокомерно; киэмсий прихорашиваться, наряжаться; щеголять; киэбириҥсэ любящий кичиться, заноситься.
КИЭЛИ 1. брюхо; утроба, матка; 2. большая ёмкость, кэмэ-киэлитэ биллибэт безмерный; Ийэ дойдубут киэҥ киэлитэ широкие просторы нашей Родины.
КИЭН тутун гордиться; аатыр славиться; быть уважаемым, почитаемым; киэн туттуу гордость, слава; киэн туттан с гордостью.
КИЭҤ киэҥ—куоҥ широкий, просторный; обширный; киэҥ—холку свободный; киэҥэ ширина; простор, пространство, протяжение; киэҥ көҕүс выдержка, терпение, великодушие, жизненная мудрость.
КИЭП 1. форма, образец; выкройка; 2. вид, образ, обличие; 3. грам. наклонение глагола; киэптээ давать форму, вид; киэптээн киир вмещаться с трудом, заполнять, переполнять; киэптии кэт растягивать, напяливать; киэптэн приобретать, иметь форму.
КИЭР 1. межд. киэр бар, киэр буол вон отсюда, прочь, долой; 2. вспом. сл. прочь; киэр бырах выбросить, киэр хайыс отвернуться, киэр гын убрать.
КИЭРГЭЛ украшение, наряд; убор, убранство, великолепие; киэргэмсэх любящий наряды; модница, франт, щёголь (силээхтэ); киэргэт украшать; киэргэн наряжаться; киэргэллээх нарядный; киэргэммит украшенный, убранный.
КИЭҺЭ вечер, вечером; күн киэһэрдэ вечереет; киэһэлик к вечеру, под вечер.
КОТОКУ ласк. голубчик; бедняжка, бедненький.
КӨБДӨРКӨЙ рыхлый, пористый.
КӨБДЬҮӨРҮЙ говорить громко, крикливо; көбүөлээ кричать, громко бранить.
КӨБҮӨР 1. сливочное масло, взбитое с молоком; 2. настенный ковёр; көбүөр суорҕан тонкое одеяло.
КӨБҮӨХТЭЭ вздыматься, колыхаться; тяжело дышать, запыхаться.
КӨӨБҮЛ эрбии көөбүлэ опилки; эмэх труха; ходуул сенные опилки.
КӨҔӨН утка, кряква (селезень).
КӨҔӨР зеленеть; синеть, голубеть; от-мас көҕөрдө зелень распустилась; көҕөр-наҕар цвести, процветать; көҕөрбүт получил синяк.
КӨҔҮЙ 1. быть увлечённым (чужим примером), подражать; 2. возбуждаться, соблазняться; көҕүлээ подавать пример, увлекать; көҕүлээччи инициатор, вдохновитель; көҕүт возбуждать, соблазнять.
КӨҔҮЛ волосы на лбу, чёлка; чуб, чупрун, хохол (клок волос).
КӨӨҔҮНЭЭ издавать густые, неясные и хриплые звуки; басить.
КӨҔҮРЭТ убавлять, уменьшать; вычитать; көҕүрэтии вычитание; разг. көҕүрэтин, чэпчэтин сходить по нужде.
КӨҔҮС I спина, часть спины выше поясницы; көҥдөй көҕүс стан, туловище; илии көхсө тыльная сторона ладони; олоппос көхсө спинка стула; дьиэ көҥдөй көхсө сруб дома; көҕүс түстэ недоволен.
КӨҔҮС II (көҕүй) делать охотно, глядя друг на друга.
КӨҔҮӨР большой кожаный мех для хранения кумыса.
КӨДӨГӨР с большим отвислым животом; разг. пузатый.
КӨДЬҮҮС польза, выгода; көдьүүстээ принести пользу; көдьүүһэ суох бесполезный.
КӨЙ I колоть, долбить, дробить; ойбону көй выдалбливать прорубь.
КӨЙ II обильный; көй үгүс сүөһү множество скота; көй салгын чистый, насыщенный воздух.
КӨЙГӨ нелюбимый, находящийся в пасынках, в пренебрежении.
КӨЙМӨҺҮН запариваться, преть; этэ көймөстүбүт вспотел.
КӨЙҮҮР моль, червячок; үөн-көйүүр насекомое.
КӨКӨТ шутл. – ирон. бойкий, проворный, энергичный; удалец, молодец.
КӨЛБӨҔҮР покрываться молочными остатками; санаата көлбөҕүрбүт ходит в плохом настроении.
КӨЛБӨРҮЙ неодобр. сваливать на другого, уклоняться; ыҥыыр холборуйбут седло съехало на бок.
КӨЛДЬҮН (көрүнньүк) бездельник; мошенник, обманщик; албын-көлдьүн обман; көлдьүргээ баловаться, озорничать, шалить; көлөөк дрянной, ни к чему не пригодный, не способный.
КӨЛӨ 1. упряжка, подвода; көлүнэр көлө рабочий скот; көлүй запрягать, впрягать, закладывать экипаж; 2. оллоон перекладина на костре.
КӨЛӨТТҮГЭС (көнтөрүк) неповоротливый, неуклюжий.
КӨЛӨҺҮН пот, испарина; перен. труд; көмүс көлөһүн результаты труда.
КӨЛҮЙЭ көлүччэ, көлүкэ небольшое озеро, пруд.
КӨМ зарывать, закапывать, засыпать; погребать, хоронить; көмүллүбүт похоронен; көмүү похороны.
КӨМНӨХ 1. көмнөх хаар снег на ветвях; 2. көмнөх пожелтевшая, опавшая листва; көмнөх түһэр начался листопад.
КӨМӨ көмөлтө помощь, содействие; пособие; подсобное хозяйство; суһал көмө скорая помощь; көмөлөс помогать, пособить; көмөлөөх помогающий, способствующий, полезный; көмөтүнэн при помощи.
КӨМӨГӨЙ гортань; уолук вилочка.
КӨМӨР древесный уголь; көмөрдөө готовить уголь для горна; көмөр хара баттах фольк. чёрные волосы (о молодости).
КӨМҮЛЛЭЭ (кир) глодать, грызть зубами; обгрызать; уҥуохта көмүллээ фольк. успокойся.
КӨМҮРҮӨ 1. уҥуох көмүрүөтэ рыхлая, ноздреватая часть трубчатых костей; кроветворный орган; 2. көмүрүө хаар весенний снег (в кристаллах); көмүк хаар обильный снег в начале зимы.
КӨМҮС үрүҥ көмүс серебро, серебряный; кыһыл көмүс золото, золотой.
КӨМҮСКЭ глазница; көмүскэ уута поэт. слёзы.
КӨМҮСКЭЛ защита, заступничество; представитель (представлять интересы); көмүскээ защищать, заступаться; харыстаа оберегать; өйөө поддерживать; көмүскэллээх имеющий защиту; көмүскэстээх могущий заступиться.
КӨМҮӨЛ последний рыхлый лёд на реках, озёрах; шуга.
КӨНӨ прямой, ровный, гладкий (о волосах); судургу простой, честный (о характере), правдивый, справедливый (о суде); көн делаться прямым; выпрямляться; исправляться, становиться лучше; дьыала көннө дела пошли лучше; доруобуйам көннө, үтүөрдүм поправился; көннөр выправлять, исправлять; көнсүү, тупсуу перемирие; примирение.
КӨННӨРҮ обыкновенный, обиходный; так, запросто, прямо, просто.
КӨННЬҮӨР успокаиваться, утешаться; санаата көнньүөрдэ поднялось настроение.
КӨӨННЬӨР 1. приводить в брожение; көөнньөрбө закваска; көөнньүбүт кымыс (көөнньөрүүлээх) крепкий кумыс; 2. чэйдэ кээс заваривать чай.
КӨНТӨРҮК (мөдөөт) неловкий, неуклюжий, неповоротливый.
КӨНТӨС широкий кручёный волосяной повод лошади; поводья.
КӨНЧӨХ оперившийся по осени выводок.
КӨҤДӨЙ 1. полый, пустой внутри; 2. бессмысленный; көҥдөй сыыппара дутые цифры; 3. эвфем. ружьё.
КӨҤӨӨ неодобр. – осуд. ревниво оберегать своё; көҥөс киһи скряга.
КӨҤҮЛ свобода, воля, независимость; разрешение, допуск; свободный вольный, независимый; көҥүллээ давать свободу, освобождать, отпускать, увольнять; разрешать, допускать; дать право, позволять, благоволить.
КӨҤҮС обрывистый берег, глубокая рытвина, ров, впадина.
КӨП I 1. хойуу түү густой, пушистый, мохнатый; 2. көпсөркөй буор рыхлый; пухлый, пышный; көппөх куча мусора, хлама.
КӨП II күөрэй всплывать; көбөн таҕыс обнаруживаться, возникать; сүрэҕим көптө тошнит; ыарыым көптө обострилась болезнь; көппөй вздуваться, вспучиваться.
КӨР I 1. смотреть, глядеть; видеть, зреть, взирать; көр-иһит осматривать, разглядывать; көр-харай присматривать, ухаживать; 2. вспом. гл. кэтээн көр наблюдать; өйдөөн көр замечать; эрэйи көр терпеть, испытывать нужду; амсайан көр пробовать; көрдөр показывать, демонстрировать, представлять; көрүн смотреться; көрүүлэн иметь видение, предсказывать, ворожить.
КӨР II веселье, шутка; көрүдьүөс забава, потеха, курьёз; көрдөөх весёлый, шутливый; забавный, занимательный, потешный; көрүлээ веселиться, забавляться, тешиться.
КӨРДӨҺҮҮ просьба, прошение, ходатайство, мольба; көрдөбүл требование; көрдөө искать, изыскивать; көрдөс просить, упрашивать, напрашиваться.
КӨРДҮГЭН 1. подземный очаг огня, көрдүгэн түспүт остался очаг; 2. небольшое глубокое озеро, көрдүгэҥҥэ кус түспүт утка села на озеро; 3. көрдүгэн эттээх ранимый; көрдүгэннээ расширяться (о ране).
КӨРӨ—көтүүн напрасный труд; напрасно, попусту, поверхностно.
КӨӨРӨТҮН отколупаться, отлетать; муус көөрөттөр рыхлый лёд осыпается.
КӨРСҮҺҮҮ встреча, свидание; знакомство; көрсүү тайная любовная связь; любовник (-ца); көрсүс встречаться, видеться.
КӨРСҮӨ (сэмэй) скромный, смирный; благоразумный.
КӨРҮҤ 1. внешний вид, наружность; 2. разновидность; 3. вид глагола; көрүҥүнэн на вид, лицом, станом; көрүнньүк показной, кажущийся.
КӨС I старинная мера расстояния, переход; ат көһө конный переход – 10 км, сатыы көс пеший переход – 7–8 км.
КӨС II переменить место жительства; перемещаться, переходить, переезжать, кочевать; көһүү переселение, переход, перевод, перевозка; көһөр переселять, перемещать, переводить; көһөрүү высылка, ссылка, переселение; көс омуктар кочевники.
КӨСТҮҮ вид, явление; көстөр (көстүбэт) видится, видно; көстүүлээх зрелищный; көстүмтүө видный.
КӨҺҮЙ 1. бөҕүөр стыть, коченеть, цепенеть; 2. отниматься (онеметь); атаҕым көһүйдэ отнялась нога; көһүүн жёсткий, грубый; чёрствый, необщительный.
КӨТ I 1. летать, взлетать, взвиваться; лететь, нестись; испаряться (о жидкости); көтүү полёт; үрдүгү ойуу прыжок в высоту; сүүр-көт носиться, резвиться; үөр-көт радоваться; 2. вспом. гл. түҥнэри көт опрокинуть.
КӨТ II метать, шить крупными стежками; көтүү вид шва.
КӨТӨҔӨ опавшая хвоя, листва; көтөҕө түһүүтэ листопад.
КӨТӨЛ вьючные лошади, привязанные друг за другом; ехать цугом.
КӨТӨР птица; пернатые; уу көтөрө водоплавающие; мас көтөрө боровая дичь; көтөр-сүүрэр животный мир.
КӨТӨХ I вязанка, көтөх мас вязанка дров; түүтэх от охапка сена.
КӨТӨХ II поднимать, үлэни өрө көтөх поправить дело, сыананы өрө көтөх завышать цены, оҕону көтөх брать на руки, носить на руках, сажать на колени; көтөх оҕо ребёнок до года; оҕо көтөҕөр принимать младенца, помогать при родах.
КӨТӨХ III хатыҥыр киһи худой, худощавый, сухощавый, сухопарый; ырыган, сутаакы сүөһү тощий; көтөхтөр отощать.
КӨТҮМЭХ небрежный, невнимательный, некачественный.
КӨТҮР 1. ломать, разрушать, разбирать (дом); 2. пороть, распарывать; көтүлүн расходиться по шву, көтүллэн хаалбыт разошлось; 3. отменять решение, указ; уурааҕы көтүрэргэ отменить указ.
КӨТҮӨККЭЛЭЭ (көтүөлээ) скакать, прыгать, подпрыгивать.
КӨХ 1. воздействие примером, увлечение, подражание; 2. почин, начинание; инициатива; көхтөөх увлекающий; көхтөөх үлэ дружная работа, көх-нэм буол подхватить, громко поддерживать.
КӨХӨ 1. крюк, хатыыр крючок, багор; вешалка; ачаах крючок для котлов; үтүмэх крюк для неводной жерди; 2. көхөлөс придираться, перечить.
КӨӨЧҮКТЭЭ дразнить ребёнка (игрушками, конфеткой); возбуждать зависть.
КӨЧЧҮЙ резвиться, веселиться; праздно, беззаботно проводить время.
КУБА лебедь кликун.
КУБАҔАЙ бледный, бескровный; туос кубаҕай белокурый, блондин.
КУБААСКАЙДАН осудит. капризничать, ломаться, притворяться.
КУБУЛУЙ превращаться, преображаться, изменяться; кубулун принимать другой вид, форму; кубулҕат хитрость, уловка, коварство; лукавство, лицемерие, притворство; кубулдьут быть непостоянным, отпираться от своих слов; кубааскай притворный, неискренний; албын, сымыйаччы лгун.
КУГАС рыжий, красно-бурый (о масти животного, о цвете волос) кугас бургунас, кугас баттах; рыжая лиса кыһыл саһыл; кугдархай светло-бурый, поблёклый, цвета прошлогодней травы.
КУУГУНАА гудеть, шуметь (о ветре, лесе, самолёте); перен. сымыйалаан куугунатар говорит вздор, заливает.
КУДАЙ орто кудай дойду раскинувшаяся срединная земля.
КУДУ тайком, незаметно; куду анньан биэр подсунуть втайне, куду харбаа прибрать незаметно, куду тарт обзавестись тайком.
КУДУК изобилие; аар кудук мас фольк. священное дерево.
КУДУЛУ ненасытный, уот кудулу байҕал фольк. бездонное огненное море.
КУДУХХАЙ идущий без задержки, лёгкий, быстрый, кудуххай кэпсэтии быстрый разговор, үлэ кудуххайдык барар работается споро.
КУУДЬУЙ страстно хотеть, желать; куудьус, булсус, көссүүлэс быть в любовных отношениях.
КУЙА экспр. небольшой в объёме, миниатюрный; куйа иһит маленькая посуда.
КУЙААР I бескрайний простор, куйаар хонуу обширные поля, салгын куйаара воздушное пространство; дьабын фольк. безвестная даль.
КУЙААР II шальной, безрассудный, безудержный; куйаар мэник, кутуруга куйаар; кэпсээн куйаардар рассказывает небылицы.
КУЙААС жара, өҥүрүк куйаас зной, куйаас сайын знойное лето; куйаас түстэ, халлаан куйаарда стало жарко, знойно.
КУЙАХ панцырь, кольчуга, латы, кожаная броня с железными пластинами.
КУЙАХА кожа на голове; кыйахалаа палить голову животного.
КУЙМАҤНАА извиваться, вихлять; вилять; мотать; ёрзать.
КУЙУКТА личинка (куколка) овода, осы под кожей у скота.
КУЙУУР рыболовный сачок, волосяная сеть на ободке куойа; маҥкы рукоятка сачка; куойатыгар-маҥкытыгар оҕустарбат (букв. рыба не коснулась ни ободка, ни рукоятки) не обращает никакого внимания; куйаабыл берестяной сачок для сбора голубицы.
КУКАА кутукаа, тукаам; детск. речь: дитятко, деточка.
КУЛАА бить, широко размахиваясь; кулаан бар крушить наотмашь; сабаан-кулаан оҥор делать посредственно, некачественно.
КУУЛА северная сторона аласа, напротив солнечной стороны (халдьаайы).
КУЛАН резвый, бойкий, задорный; кулан соҕотох одинокий.
КУЛАХАЧЫЙ вертеться, крутиться; кулахайдан ухищряться, лукавить; обманывать, запутывать.
КУЛГААХ ухо; иннэ кулгааҕа игольное ушко; кэҕэ кулгааҕа подснежник.
КУЛГУЙ извергать из желудка пищу (о собаке); кэҕэрт отрыгать, кэҕэрдии отрыжка; хотуолаа рвать, хотуо рвота; разг. блевать, блевотина.
КУЛДЬАҔА попрошайка; үөн-кулдьаҕа мошенничество, хитрость.
КУЛЛУГУРАА (куллурҕаа, кутур) о камлании шамана; быстро и громко говорить; куурусса куллургуур наседка кудахчет.
КУЛЛУРУС держаться друг за друга, не отставая; кулун куллуруһуу танцевальное движение.
КУЛУ дай, подай, даруй; аҕал, аҕалан кулу принеси мне.
КУЛУКУ запор, засов, защёлка; кулгаах кулукута сера в ушах.
КУЛУН жеребёнок, уменьш. кулунчук; эмньик кулун сосунок; кулун кутуруга, кулун туйаҕа названия трав; кулун босхо гулять свободно.
КУЛУН тутар март, кулун тутарга в марте; кулун тутартан с марта.
КУЛУҺУН озёрная осока; камыш, из которого делают циновку.
КУЛУТ 1. раб, рабыня, слуга, батрак; холоп, подданный; 2. валет (в картах).
КУМ-хам тут мять, комкать, сжать; кумалаа ломать, разрушать.
КУМАЛААН 1. отверстие, дупло; 2. человек, находящийся на общественном призрении; нахлебник, дармоед, нищий.
КУМААРДАА отгонять комаров; кымаардаабат перен. не беспокоится.
КУМАХ песок; кумах барча очень много; барча измельченная как песок рыба.
КУМАХЫ (титириир ыарыы) лихорадка.
КУМУЙ поджиматься, съёживаться; кумуччу тутун сжаться.
КУНАН бычок, молодой бык 3–4-х лет, телец.
КУНААХ гриб; груздь; кыһыл тэллэй рыжик; үрүҥ тэллэй груздь.
КУНУС перегной; старая завалинка вокруг юрты или хотона.
КУҤ 1. мякоть, мясо без костей; 2. куҥ курдук безжизненный, бессильный; куҥнан жиреть, войти в тело; куҥнаах упитанный.
КУПЧУГУР суживающийся книзу; кутуругун купчуппут поджал хвост.
КУР I пояс, ремень, кушак; уһаат кура обруч; курдан опоясываться, подпоясываться; киһи курданарынан высотой по пояс.
КУР II старый, залежалый; кур от прошлогоднее сено; кур оҕус откормленный бык; курсуй храниться долго, залеживаться, курсуйбут чёрствый.
КУРААНАХ I сухой, сухое место, суша; куур сохнуть, высыхать; куурт сушить, просушивать, высушивать; кураан күн вїёдро, кураан засуха; кураайы засушливый, кураайы истиэп засушливая степь.
КУРААНАХ II пустой, пустота; иччитэх порожний; бессодержательный, бесполезный, кураанах тыл пустые слова; кураанахсыйбыт заброшенный; кураанахтаа опорожнять; опустошать (о пожаре).
КУРАС 1. терпкий на вкус; хабархай вяжущий, вязкий; 2. ветреный, суровый, холодный, курас күн холодная погода, курас тыал холодный ветер; курас олох перен. скудная жизнь.
КУРААЧЫСТАА неодобр. – осуд. куражиться, ломаться.
КУРБАЙ неодобр. вертлявый; быть проказливым, шаловливым; курбалдьый, курбачый быстро действовать, носиться, метаться.
КУРБУУ обхват, перехват; стройный стан.
КУРДАТТЫЫ прямо, курдаттыы бар идти прямым путем; курдат суол прямая дорога; курдаттаа двигаться напрямик; курдары послелог: через, сквозь, сылы-күнү курдары через годы, хаар-туман курдары сквозь непогоду.
КУРДУК послелог: подобный; как, как бы, вместо, все равно как.
КУРДУРҔАЧЧЫ так, что хрустит; быстро, без задержки.
КУРДЬАҔА насекомое; курдьаҕа хаата улитка, ракушка; үөн хаата вредный человек.
КУРТАХ желудок; бөтөҕө зоб (у птиц); кутуйа второй желудок у жвачных.
КУРТУЙАХ тетерев, эрдэҕэс куртуйах тетёрка.
КУРУУК постоянно, всегда.
КУРУЛАА глухо шуметь; самыыр курулуур шумит дождь; курулас самыыр ливень; иһим курулуур (курдьугунуур) урчит в животе; курулуй гореть (о желудке).
КУРУМУ высокие до половины бёдер торбоса из меха.
КУРУҤ сухой, выжженный лес; куруҥ тыа сушняк; курунньук сажа.
КУРУС испытывающий чувство огорчения, смущения; курутуй (кутуруй) огорчаться, горевать.
КУС утка (птица); кус-хаас пернатые; кус быһый резвый, кус сүрэх трус; кус-хаас саҥата непонятная речь; кустаа охотиться на уток, промышлять.
КУУС I гын свист кнута; кууһуннар ударить с силой; кууһурҕаа (многократно); кускуй, кууһурҕат (кускуурдаа) стегать прутом.
КУУС II обнимать, обхватывать; кууһан обняв; куустус обниматься; куустуһан в обнимку.
КУСТУК 1. стрела с наконечником (муос оноҕос, ох); 2. радуга на небе.
КУҺАҔАН плохой, дурной; куһаҕаннык плохо, дурно.
КУҺААК (куһаат) кур широкий, длинный шёлковый пояс.
КУҺУОК (кырбас, лоскуй) кусок.
КУТ I душа живых существ; душа, сущность вещи; дух; жизнь (тыын, сүр).
КУТ II лить, наливать, тоҕон кэбис проливать (о жидкости); сыпать, высыпать (о сыпучих предметах).
КУУТ плавательный пузырь (у стерляди), силим клей.
КУТА трясина, плавучий торфяник; кута сиэлэ трава; куталдьый колебаться, кутаҥнас зыбкий, колеблющийся.
КУТАА горящая куча хвороста, костёр; кутаа уот огонь, төлөн пламя, кутаата отун развести костёр.
КУТТАЛ 1. боязнь, страх, испуг; 2. опасность, угроза; куттаҕас пугливый, боязливый; куттамсах трусливый, хоргус робкий; куттаа пугать, стращать, грозить, угрожать; кутталлаах опасный, страшный.
КУТААР кожная сыпь.
КУТУЙАХ (күүдээх) мышь (мыычаар); кутуйахсыт мелкая птица.
КУТУКА котоку, кутуку дитятко, миленький, голубчик.
КУТУР петь, напевать по-шамански, голосить истерически.
КУТУРГУЙА чирей, фурункул; саанык нарыв.
КУТУРҔАН печаль, скорбь, траур.
КУТУРУК хвост; корма лодки; кутурукка ис идти сзади; балык кутуруга хвостовой плавник; кулун кутуруга трава; кутурук маһа ходит по пятам.
КУЧУЙ увлекать, завлекать, заманивать, зазывать, добиваться согласия.
КУУЧЧА совершенно, совсем, всё, дочиста.
КУЧЧУГУЙ (аччыгый) малый, маленький; куччугуй уолум младший сын.
КУО красивый с оттенком игривости; красавица; неженка.
КУОБАХ 1. белый заяц, беляк, ушкан; 2. вид якутских прыжков.
КУОҔАЙ (куохай, куоҕалдьый, куоҕаҥнаа) 1. иметь длинную шею; 2. плавно сгибаться, наклоняться, медленно покачивать головой.
КУОҔАС гагара; аҥыр, уу оҕуһа выпь.
КУОДАРЫС неодобр. ходить вместе, водить компанию с сомнительной целью; ухаживать.
КУОДАҺЫН уҥуох куодаһына изъян в кости; куодаһыннаах порочный.
КУОЙ испугаться; куттан-куой устрашаться, бояться.
КУОЛАА нападать вместе; куолаан действовать сообща; куомун неодобр. соучастие, сговор; заговор; куомуннаһан сговорившись.
КУОЛАҔАЙ узкий длинный проход.
КУОЛАЙ пищевод (бэлэс, хабарҕа, көҥкөлөй); горлышко (о бутылке).
КУОЛАС бурдук куолаһа хлебный колос; киһи саҥата голос человека.
КУОЛУ I обыкновение, обычай (быһыы, майгы); принято, следует, надлежит; куолутугар эрэ ради порядка, для приличия; куолутунан как всегда.
КУОЛУ II рассуждение, толкование; назидание, наставление; куолуһут законник; знаток права и обычаев; любитель поучать, наставлять; куолулаа умничать, рассуждать как знаток ч. – л.
КУОМУННАС неодобр. – осуд. состоять в заговоре, быть в сговоре, участвовать в неблаговидном деле.
КУОР 1. корь, детская болезнь; 2. трупный запах; кир нечисть.
КУОРАЙ куорай ытыс, куорай тыл вороватый.
КУОРҔАЙ рыть; расхищать, растаскивать; куорҕаллаа подрывать, расхищать, разворовывать.
КУОРСУН маховое перо птицы; гусиная кожа (у человека).
КУОРТАМ аренда помещения, арендная плата; куортамнаа сдать в аренду.
КУОРЧАХ долблёный гроб; тэбиэх сруб для гроба.
КУОҺАР превышать, превосходить; былааны куоһар перевыполнять план.
КУОҺААХ 1. жёлоб, выемка, паз; 2. долина, ложбина; куоһаа делать желобки, выемку, паз; подкапывать снизу.
КУОТ куотан хаал убегать, сбегать, уходить; куотан бастаа выходить вперёд, опережать, обгонять, перегонять; куота сырыт избегать, уклоняться, не попадаться в руки, босхолон освобождаться, избавляться; уҥуоҕунан миигин куотта стал выше меня ростом; оҕо куоппут случился выкидыш.
КУОЧАЙ палка (стрела) на жертвенном дереве.
КҮБЭЙ хотун важная, достопочтенная, милостивая; дородная.
КҮҮГЭН пена; күүгэннээх пенистый, с пеною; күүгэннэн пениться, быть в мыле (о лошади); айаҕыттан күүгэн аллар говорить с пеной у рта.
КҮҮГЭЭН гомон, гвалт, шум; күүгээн бөҕө буолла поднялся гвалт; күүгээннээх шумный; күүгүнээ шуметь; күүгүнээмэ не шуметь.
КҮҮГЭС овод, слепень (бүгүлэх, бырдах, күлүмэн, тигээччи).
КҮҮДЭПЧИЛЭН воспламеняться, загораться, вспыхивать; горячиться.
КҮДЭРИК (күдэн) лёгкий туман; марево, дымовая завеса, белая мгла (буруо, чаан); күдэҥҥэ көттө исчез без следа.
КҮДЭЭРИНЭ поверхностно, не понимая, не вникая.
КҮДЭХ сила, мочь; күүс-күдэх возможность.
КҮДЬҮС сплошь, сплошной, ровный, одинаковый.
КҮККҮРЭЭ издавать громкий глухой шум; громко плакать, реветь ытаан күккүрээ; күккүрэччи ытаа громко зареветь, плакать навзрыд.
КҮКҮР ясли для скота (долборук, сургуй).
КҮЛ I зола, пепел; күл-көмөр буол сгореть дотла.
КҮЛ II смеяться, хохотать; күлүү смех, хохот; насмешка, глумление; күлүүк смешливый, насмешник; күллэр смешить, заставлять смеяться; күллэрэстээ хохотать некстати; күлүү-элэк гын насмехаться.
КҮЛБҮҺЭХ мочалка из конского волоса для мытья берестяной, деревянной, медной посуды; күлбүһэхтээ перен. измочаливать, обращаться небрежно.
КҮЛГЭРИ тыймыыт ящерица.
КҮЛЛҮРГЭС тыас хлюпанье (при ходьбе по воде).
КҮЛТҮГҮР 1. коротко остриженный, бритый; 2. безрогий (комолый).
КҮЛҮБҮРЭЭ бурно гореть, пылать, пламенеть; говорить громко и быстро.
КҮЛҮК тень, отражение; күлүгүр покрываться тенью; күлүгүлдьүй мелькать тенью; күлүгүрт затенять, навести тень; очернять; күлүктээх заметный; күлүгэ суох киһи мошенник, плут; уутааҕы күлүгэ похожий лицом.
КҮЛҮМ блеск, отблеск, сияние, сверкание; күлүмүрдээ, күлүм гын сиять, светиться, блестеть, блистать, сверкать, переливаться.
КҮЛҮМЭХ экспр. буйный; беспорядочный, неорганизованный.
КҮЛҮҮС замок; күлүүс тыла ключ.
КҮҮЛЭ сени, крытый ход в якутском доме.
КҮҮЛЭЙ гулянье; безделье; коллективный выход в сенокосную страду.
КҮН I солнце; күннээх солнечный; с солнцем, с украшением в виде серебряных кружков; күн сирэ родная земля; күннээ испытывать везение, быть удачливым; поэт. күҥҥэ көрбүтүм мой единственный (о ребёнке).
КҮН II день; күннээҕи дневной, однодневный; насущный; күннэтэ каждый день, изо дня в день, каждодневно, ежедневно; күннүк день езды, дневной переезд, дневной путь; дневник; күннээх түүн сутки; күн-дьыл время.
КҮНДҮ дорогой, драгоценный; милый, любимый; лучший, изысканный; почетный, почитаемый, уважаемый; күндүлээ-маанылаа угощать, потчевать; оказывать гостеприимство, проявлять хлебосольство.
КҮНДЭ 1. не очень большой, ниже среднего; 2. (күндэл, күндүл, күндэлэс, күндэли) светлый, блестящий, сияющий; күндээр, күндээрий-сандаарый сверкать, блестеть; отсвечивать, переливаться.
КҮНҮҮ ревность, күнүүһүт ревнивый, күнүүлээ ревновать; харах бэһэ зависть, харах бэстээх, ордугургуу көрөр завистливый.
КҮНҮС день, днём; күнүскү дневной, происходящий днём, күнүскү ыам дневное доение.
КҮҤКҮЙ преть; гнить, тлеть; күҥкүлүй вонять, смердеть, издавать дурной запах.
КҮП усил. част. пре– күп-күөх презелёный.
КҮППҮЛҮҮ потерпеть полное поражение, разгром; күппүлүү бар вдруг обеднеть (дьадай).
КҮПСҮЙ издавать сильный монотонный шум (о моторе), сөмөлүөт көтөн күпсүйэр самолёт гудит, тыраахтар үлэлээн күпсүйэр трактор тарахтит.
КҮҮР подниматься, вздыматься; возбуждаться, куйахам күүрдэ волосы встали дыбом; үлэ өрө күүрдэ работа закипела.
КҮРБЭ массивный, крупный, күрбэ таас хайа каменная глыба.
КҮРГҮЙДЭЭ неодобр. – осуд. одёргивать окриком, накричать; күрдүргээ (хардырҕаа) кашлять натужно, с хрипом; аҕылаа запыхаться.
КҮРГҮӨМ разгар, үлэ күргүөмэ разгар работы, страда.
КҮРДЬҮК снежный вал на дворе; күрдьэр сгребает снег; күрдьэх заступ, лопата, туора күрдьэх деревянная лопата для снега, лаппаакы лопатка для зимней охоты; разг. күрдьүн (тарбан) чесаться, царапаться.
КҮРДЬҮӨТТЭЭ принимать угрожающую позу, сердито коситься; смотреть исподлобья.
КҮРДЬЭҔЭ үөн-күрдьэҕэ насекомое, червь; перен. плутовка.
КҮҮРКЭЙ (быыппаһын) возбуждаться, раздражаться.
КҮРСҮҮ (күрэс) состязание, спор, борьба; күрүс бороться, состязаться.
КҮрТҮӨННЭЭХ (күттүөннээх) серьёзный, важный, значительный; күртүөннээх (күттүөннээх) үлэ суох серьёзного дела нет.
КҮРҮЛЭЭ бурлить, клокотать; күрүлэччи кут литься с шипением (о кумысе); оһох уота күрүлэччи умайда трещит огонь в печи; күрүлгэн водопад.
КҮРҮС күрүс-күрүс (тохтуу-тохтуу, дөрүн-дөрүн) с перерывами, время от времени; күрүс-күрүс бэргиир временами становится хуже.
КҮРҮӨ 1. изгородь, ограда, огороженное место; загон для скота; 2. сенокосное угодье, надел; күрүөх-билэ дьон соседи; күрүөһүт ынах корова, проходящая через изгородь.
КҮРЭ балта младшая сестра жены, свояченица.
КҮРЭЭ уходить тайком; куот убегать; сас скрываться; хорҕой укрываться; күрэт уводить, угонять; күрүөйэх беглец, дезертир.
КҮҮРЭЭН возбуждение, пафос; күүрээннээх воодушевлённый.
КҮРЭХ I гонка, загон; күһүҥҥү күрэх осенний подлёдный лов; куобаҕы күрэтии охота на зайцев; куобаҕы күрэт загнать зайца.
КҮРЭХ II состязание, соревнование; азарт, задор; ытыыга күрэхтэһии соревнование по стрельбе; ытыыга күрэхтэс соревноваться по стрельбе.
КҮҮС сила, мощь, энергия; могущество; илии күүһэ физическая сила, өй күүһэ сила ума; сэниэ, эрчим крепость; күүстээх сильный, мощный, энергичный, крепкий (модьу, кытаанах, эрчимнээх, уохтаах); могучий, могущественный; действенный, деятельный; күүһүрдүү усиление, укрепление; күүһүр усиливаться, укрепляться; күүһүрт усиливать, укреплять; күүһүргээ показывать, выказывать свою силу; күүһүнэн силой, насильно; күүһүлээ насиловать.
Якутские буквы:
Якутский → Русский
иллэҥ
- 1) свободный от дел, не занятый делами; иллэҥ киһи человек, свободный от дел; туос иллэҥ свободный от всяких дел; 2) незанятый, свободный; пустой, порожний; иллэҥ миэстэ баар дуо ? есть ли свободное место?; иллэҥ иһит порожняя посуда; 2. нареч. праздно; иллэҥ сырыт = ходить праздно, без дела.
Еще переводы: