Эриэккэс синоним

Якутские буквы:

Якутский → Русский

эриэккэс

1) редкость || редкостный, редкий, необычный; эриэккэс кыылы көрдүм я увидел редкостного зверя; эриэккэс киһи странный человек; 2) чудный, прекрасный, изумительный; этиэхтэн эриэккэс невыразимо прекрасный; этиэхтэн эриэккэс айылҕалаах дойду страна с неописуемо прекрасной природой.


Еще переводы:

редкость

эриэккэстик

бэйэлээх

Якутско-русский словарь

эриэккэс

эриэккэс

1) редкость || редкостный, редкий, необычный; эриэккэс кыылы көрдүм я увидел редкостного зверя; эриэккэс киһи странный человек; 2) чудный, прекрасный, изумительный; этиэхтэн эриэккэс невыразимо прекрасный; этиэхтэн эриэккэс айылҕалаах дойду страна с неописуемо прекрасной природой.

Якутско-русский словарь. — М.: Советская Энциклопедия.
К.К. Юдахин.
1965.

А ·
Б ·
В ·
Г ·
Ҕ ·
Д ·
Дь ·
Е,Ё ·
Ж ·
З ·
И ·
Й ·
К ·
Л ·
М ·
Н ·
Нь ·
Ҥ ·
О ·
Ө ·
П ·
Р ·
С ·
Һ ·
Т ·
У ·
Ү ·
Ф ·
Х ·
Ц ·
Ч ·
Ш ·
Щ ·
Ъ ·
Ы ·
Ь ·
Э ·
Ю ·
Я

Якутский язык

САХА ТЫЛЫГАР ҮЛЭЛИИР ТЭТЭРЭЭТ.

(5 кылааска
эрчиллии хомуурунньуга)

             Васильева
А.И., Попова А.М.,

Нам улууһун Н.С.Охлопков аатынан
гимназията,

саха тылын учууталлара, төлөпүөн
89841042584,

электроннай аадырыс aeli.popowa2011@yandex.ru

 Иһинээҕитэ.

1.Саҥа дорҕоонноро уонна таба саҥарыы

Аһаҕас
дорҕооннору наардааһын.

Бүтэй
дорҕооннор.

Бүтэй
дорҕооно хоһулаһыыта.

Саха
алпаабыта.

2.Лиэксикэ.

Омуоньум.Онтуоньум
.Синиэньим

3.Сиинтэксис уонна сурук бэлиэтэ.

       Этии. Этии арааһа.

       Биир уустаах чилиэннээх этии.

        Сирэй саҥа. Кэпсэтии (
диалог).

4.Тыл састааба уонна арпагыраапыйа.

         Арпагыраапыйа. Таба суруйуу.

        Сыһыарыылаах тыллары таба
суруйуу

        Нууччалыы тылы таба суруйуу.

Сылы түмүктүүр хатылааһын.

v  Күүстээх
дьон буоларга тардыһыҥ, күүһү билии, үөрэх биэрэрин умнумаҥ.

                                                                                                      
Амма Аччыгыйа.

1.Саҥа дорҕоонноро уонна таба саҥарыы

Тиэмэ: Аһаҕас дорҕооннору наардааһын

1
.
Көппүт кылгас эбэтэр уһун аһаҕас дорҕоону
туруор.

Ваня хаптаһыны
тутан  т__рар. Концерт бүттэ, б__с сабылынна. Эбэм ат__ҕа ыалдьар. Аҕам
тоһоҕону т__рар. Ат ___х оҕо сүрэҕэлдьиир. Сотору аһыахпыт, килиэптэ б__с.
Т__һы ыла-ыла ууга быраҕар. Харахпар с__с киирдэ. Оҕолор бүгүн х___һы сиэтилэр.
Таня балтын к__тэр. Илиибэр б__с тахсыбыт. К__тэр хороонуттан таҕыста.
Хортуоппуйу үтэн с__р олус минньигэс. Уута б___с.   Эҥсиэли хочото – үтүө
с___р.

2.
Көппүт аһаҕас дорҕоону туруор (
мунаахсыйдаххына,  аһаҕас дорҕоону наардааһын табылыыссатын көр, үөрэх
кинигэтин 24 с.)

Т
___С              
Кэлин, уос дьуптуон

Б___С               
Илин, айах, киэҥ, кылгас аһаҕас дорҕоон

____Т                
Илин, уос, кыараҕас, уһун аһаҕас дорҕоон

____Й                
Илин, уос, киэҥ, кылгас аһаҕас дорҕоон

____С                
Илин, айах, кыараҕас, кылгас аһаҕас
дорҕоон

____К                
Кэлин, уос, кыараҕас, кылгас аһаҕас
дорҕоон

Т____                
Кэлин, уос, кыараҕас, уһун аһаҕас дорҕоон

К___С               
Илин, уос, дьуптуон

Т___Л               
Кэлин, айах, киэҥ,  уһун аһаҕас дорҕоон

____Л               
Кэлин, айах, дьуптуон

3.
Уһун аһаҕас дорҕоон тыл хайа сүһүөҕэр
турарынан, тыллары үс бөлөххө наардааҥ.

Борооску, ырбаахы, ойуур, куруппааскы, иҥиир, былаат,
быыстапка, быырпах, кулгаах, кэнчээри, күлүүс, куйуур, кукаакы, моойторук,
моонньоҕон, сыылба, сэппэрээк, саламаат, алаадьы.

1 сүһүөх

2 сүһүөх

3 сүһүөх

Быыстапка

Быырпах

Моойторук

Моонньоҕон

Сыылба

Борооску

Ырбаахы

Ойуур

Иниир

Былаат

Кулгаах

Кулуус

Куйуур

Кукаакы

Алаадьы

Куруппааскы

Сэппэрээк

Саламаат

4.
  Этиилэртэн уһун аһаҕас дорҕоонноох
тыллары талан суруйуҥ.

Кыыһы сир курдук симээбиттэр, тап курдук
таҥыннарбыттар, тыллаах-өстөөх Чоочугур Чуоҕур маҥан аты аҕалан баайбыттар:
көмүс ыҥыырынан ыҥыырдаабыттар, көмүс чаппарааҕынан чаппараахтаабыттар, көмүс
кымньыынан кымньыылаабыттар.

______________________________________________________________________________________________________________________________________________________

5.
ҮӨ , ЫА, УО, ИЭ – дифтоннаах сахалыы ас-үөл аатын суруй.

_____________________________________________________________________________

Тиэмэ: Саха алпаабыта.

6.
Алпаабыт бэрээдэгин туһанан тыллары таай

24

27

4

27

17

2

1

15

36

14

1

15

4

36

14

20

20

17

19

27

27

23

7.
Саха алфавитын кылгас кэм иһигэр түргэнник хайдах үөрэтиэххэ сөбүй? Санааҕын
эт.

____________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________

v 
Биһиги ийэ тылбыт – дууһаны долгутар, өйү
үлүһүтэр күүстээх – кыахтаах, имэҥнээх-илбистээх кэрэ дьикти тыл.

                                                                                                        
Күннүк Уурастыырап

2.Лиэксикэ.

Тиэмэ: Онтуоньум

8.  Онтуоньуму туттан өс хоһоонун ситэр:

Кырдьык үрдүгэр 
_________________________________________________________.

Кулгаах ырааҕы истэр,
_____________________________________________________.

Аҕыйах тыл минньигэс,
____________________________________________________.

Биир мэник сүтэрбитин,
_____________________________________________________.

Куһаҕантан куһаҕан тахсар,
__________________________________________________.

Өйдөөх үтүөнү сатыыр,
______________________________________________________.

Ким саҕалыыр, ол ___________________________________________________________.

Эдэр сааскар үлэлии үөрэммэтэххинэ,
____________________________________________.
                 

9.
Тыллары таай 

 С
Остуол оонньуута

____________________

 С
 — Үрүҥ ас

_____________________________

 
С
— Суолга  уоттаах бэлиэ

_________________________

Б 
музыкальнай инструмент

_________________________

 Б
Быһахха майгынныыр булт, сэрии тэрилэ

_____________________________

 Б
— Дьон кинигэ, хаһыат, сурунаал  уларсар, ааҕар тэрилтэтэ.
____________________________

К
Бырдах

К
-Мас иһит

К
— Музыка айар киһи

Т
— 
Үөрэх тэрилэ

Т
— Уста кээмэйэ

Т
-Дьон кэпсэтэр тэрилэ

 О 
Оҕуруот аһа

 О
-Норуот эмчитэ

О
-Үрдүк наҕараада

10.
Сорудахтары толор.

1)Синоним
кэккэтиттэн атын тылы буланнын аннынан тарт

Түргэтээ,
ыксаа, кытаат, хамсаммахтаа, хайҕаа

2)
Синоним кэккэтиттэн сүрүннүүр тылы бул, аннынан тарт

Сииктээх,
силбиктээх, сыырастаах

Ыыспа,
уораҕай, дьиэ

Дьөһөгөй,
сылгы, сыспай сиэллээх

Эһэ,
тыатааҕы, кырдьаҕас

Чаҕый,
куттан, толун

Удьуор,
уруу, аймах

Эҕэрдэлээ,
айхаллаа, уруйдаа

3)
Тыллар синонимнарын булан суруй

Моонньоҕон

Моҕотой

Биэдэрэ

Махтан

Сөбүлээ

Убаастаа

4)Үөһэ
бэриллибит тыллары туттан этиитэ толкуйдаан суруй

5) Антонимнары сөпкө
наардаан сурааһынынан холбоон көрдөр.

Кырдьык                        
кыра

Улахан                           
тымныы

Үөрүү                            
сымыйа

Сырдык                         
ньулуун

Ый                 
                 хаар

АЬыы                             
хомолто

Хойуу                            
харана

Итии                              
уба5ас

Ардах                            
күн

Киэҥ                             
сайын

Маҥан                          
кыара5ас

КыЬын                         
хара

11.
Бэриллибит тыл суолтатын аах, таай, суруй

1.
Дойду, сир ньуура, үүнээйитэ, хамсыыр харамай бүтүннүүтэ.

2.Ууга
үөскүүр, лапчааннаах, хатырыктаах үксүгэр сиэнэр харамай

3.Дьон,
норуот туспа олохсуйан сирэ. Киһи төрөөбүт сирэ. Туспа государство, омук сирэ.

4.
Тымныы кэмҥэ ардах оннугар түһэр кырыа дьүһүннээх сөҥүү.

5. 
Суолга эбэтэр үлэҕэ-хамнаска, сиргэ аһыыр ас, өйүө

6.Баҕарбытын
барытын толорторор

7.
Сиртэн хостонор баай, күндү таас

8. Үгүстүк уонна
кыраттан ытыыр

 9. Сымыйалаан
соругун ситиһэр, чиэһинэйэ суох

10.  Киһи сирэйин
чааһа

12.
Ыйытыкка хоруйдаа

1)      Лексика
диэн тугуй?

а) тыл словарнай
састааба  

б) тыл үөрэҕин
салаата

в) национальнай тыл          

2)Түөлбэ
тыла диэн тугуй?

а) Чопчу ханнык эмэ
улууска олорор дьон
өйдүүр
тыллара

б) Дьиэ эргин
олоххо-дьаЬахха туттуллар тыл

в) Бэчээккэ, радиоҕа,
араас тэрилтэ
ҕэ
туттуллар тыл

3)«Словарь
якутского языка» диэн 3 томнаах тылдьыты ким
суруйбутай?________________________________________________________________

4)      Тыл
лексическэй суолтата (
өйдөбүлүн
суруй)_____________________________________

5)      Бэриллибит
тыллар лексическэй уонна грамматическай суолталарын бы
һаарын 
(Ырыа
һыт,
у
һугун,
эдэр)
______________________________________________________

6)      Тэннээһин
диэн тугуй?
________________________________________________________

7)      Эпитет
диэн тугуй?
___________________________________________________________

8)       Омоним
диэн тугуй?

а) тус-туһунан
өйдөбүллээх
эрээри, биирдик этиллэр тыллар

б) утарыта
суолталаах тыллар

в) биир эбэтэр
майгынна
һар
суолталаах тыллар

9)      Тыллар
антонимнарын булун (манан,
үчүгэй,
улахан, сырдык)
________________

10)  Синоним
диэн тугуй?
___________________________________________________

11)  Синоним
б
өлөхтөрүн
ааттаталаа
__________________________________________

12)  Биир
суолталаах тыллар ханнык синоним буолалларый?
___________________________________________________________

13)  Үксүн
кэпсэтии стилигэр дэгэт суолталанан туттуллар тыллар ханнык синоним
буолалларый?
____________________________________________________________

14)  5
антонимы булан суруй, этиитэ толкуйдаа
____________________________________

13.
Көтөрдөр сахалыы уонна нууччалыы ааттарын наардаа, сурааһынынан тардан
көрдөр.

Тоҥсоҕой                            Журавль

Хабдьы                                
Коршун

Хопто                                   
Ласточка

Элиэ                                     
Глухарь

Мэкчиргэ                             
Лебедь

Кыталык                      
       Куропатка

Туруйа                                      
Дятел

Куба                                         
Сова

Хараҥаччы                          
Стерх

Улар                                      
Чайка  

v  Киһи тугу
барытын билэр буоллаҕына, айылҕа бары кистэлэҥнэрин барытын баһылаатаҕына –
оччоҕо киһи күүһэ өссө дьиктитийиэ, кини дьоло өссө толору барҕарыа.

                                                                                                                     
Софрон Данилов  

Сиинтэксис уонна
сурук бэлиэтэ.

Тиэмэ: Этии. Этии арааһа.

14.
Сорудахтары толор.

1.Cэһэн
этиини ыйытыы этиигэ уларыт.

Саас
кэллэ. Аҕам  куораттан кэлбит. Мин сатаабаппын.

_________________________________________________

__________________________________________________

_________________________________________________

2.Этиини
тэнитэн суруй.

Хаар
түстэ. Күрэхтэһии буолла. Дойдум.

3.Этиилэри
ситэрэн, холбуу этиитэ оҥор

Мин
бэһис кылааска үөрэнэбин, ….

Балтым
хомойон ытаата, …..

Ыт
үрэр, …..

5.Бэриллибит
тыллартан этиилэрдэ толкуйдааҥ

Бэһис,
бүгүн, уруок, саҥа, аах, кэпсээн.

Кинигэ,
өй, сайыннар, киһи.

Булчут,
кырынаас, кыһын, тииҥ, кырса, бултуур.

 
4.Кэпсэтии ( диалог) толкуйдаан суруй

  
оскуола директора –үөрэнээччи – төрөппүтэ 

15.   Сирэй
саҥаҕа сурук бэлиэтин туруор.

Үөрэххэ баҕа

 Сэмэнчик эбэтэ эмээхсиҥҥэ сүүрэн тиийдэ. Албыннаһар
киһи быһыытынан ньыла түстэ уонна кылап гына көрөн олордо. Сотору Эбээ  диэн
бэрт минньигэстик ыҥырда. Эмээхсин Тугуй, тукаам диэбитинэн сиэнин сык-бааччы
сыллаан ылла. Миигин оскуолаҕа киллэриий. Ол Бүөччүлэр, Миитээкэлэр үөрэнэ
сылдьаллар эбит дии. Мин эмиэ кинилэр курдук үөрэниэхпин баҕарабын уол хараҕын
кырыытынан мичээрдээн кэбистэ. Хайа, сэгэртэйиэм, туоҕуҥ саҥата буолуой?
Туоххун сиэн үөрэнээри гынаҕын? Сыстыа суоҕу саҥарыма диэн эмээхсин саба саҥарда.
Мин оскуолаҕа киирдэхпинэ, манна сиир лэппиэскэбин киллэрэн биэриэ этигит
буоллаҕа дии. Ону сиэбэппин дуо  Сэмэнчик кылап гына көрөн кэбистэ.

16. 
Кэпсэтиигэ ааптар тылын бэйэ5ит айан суруйуҥ.

Соборукаан балыксыт

Былыыр-былыр Соборукаан диэн балыксыт
устата-туората биллибэт улуу күөл арыытыгар олорбут. Бэйэтэ соботтон да улахана
суоҕа. Дьэбэрэ дьиэлээҕэ, ньамах таҥастааҕа, көппөх күрүөлээҕэ. Тоҕус уон
туулааҕа, аҕыс уон ардьаахтааҕа, сэттэ уон илимнээҕэ, чоху доҕордооҕо, баҕа
атастааҕа, күөл балыга көмүстээҕэ, өрүс балыга үптээҕэ.

Сайын туулуура, илимниирэ. Оттон
кыһын куйуурдаан куойаны-маҥкыны кытта эриһэн тахсара.

Арай биирдэ Соборукаан балыксыты
ыраахтааҕы ыҥыртарбыт.

         
Тугунан аһаан-сиэн олорор киһигиний? – (диэн
ыйыппыт).

         
Уунан, — (диэн хоруйдаабыт балыксыт).

         
Ол хайдах?  Аҥардас уунан дуо? – (диэн
ыраахтааҕы сөхпүт).

         
Аҥардас уунан, — (диир балыксыт).

         
Тугу этэргин сатаан өйдөөбөтүм. Быһааран
кулу! – (диир ыраахтааҕы).

         
Мин, кырдьык, уунан иитиллэн олорор
киһибин, — (диэбит балыксыт). – Ууну иһэбин, ууга балыктыыбын. Уу суоҕа
буоллар хоргуйан өлүөх этим. Мин уу тыыннаахпын. (И. Данилов)

____________________________________________________________________

____________________________________________________________________

____________________________________________________________________

_____________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________

17.
Ыйытыктарга хоруйдаа

  1.  Синтаксис
    диэн тугуй?_____________________________________________
  2. Этии
    араастарын ааттаталаа_____________________________
    ____________
  3. Тыл
    ситимэ диэн тугуй?_____________________________________________
  4. Тутаах
    уонна ба
    һылатар
    тыллары схема о
    ҥорон,
    ыйытыытын суруйун.                   Уута бас, оскуола
    ҕа
    бар,
    үчүгэйдик
    үөрэн_______________________________

____________________________________________________________________

  1. Кэпсиирэ
    быраабылатын суруй.________________________________________
  2. Этии
    ойо
    ҕос
    чилиэннэрин ааттаталаа____________________________________
  3. Этии
    тутаах чилиэннэрин анныларынан тардын.__________________________

Кыстык хаар түстэ.
Кы
һын буолла. Эмискэ буурҕа
т
үспүт

  1. 5
    тэнийбит этиитэ суруй_______________________________________________
  2. Сиһилии
    диэн тугуй? Ханнык ыйытыыларга
    хоруйдууруй?_______________________________________________________
  3. Көппүт
    тылларга си
    һилиини
    туруор

Мин ______үөрэммитим.
Би
һиги__________ көрсүбүппүт.   
_____. буолар.

  1. Толоруу
    быраабылатын суруй._________________________________________
  2. 5
    биир уустаах чилиэннэрдээх этиитэ суруй______________________________
  3. 2
    холбуу этиитэ суруй________________________________________
    ________

v  Сылаас,
сырдык сыдьаайдан,

Саха оһоҕунуу,

Баай дууһалан, баай
санаалан,

Саха тылыныы…

        Сэмэн Данилов

Арпагыраапыйа. Таба суруйуу

Тиэмэ: Сыһыарыылаах тыллары таба суруйуу.
Киирии тыллары таба суруйуу

18.  Бэриллибит тылларга сыһыарыылары эбэн
сөпкө суруй

-ка

-пыт

-тар

Ат

Уот

Үүн

Иэс

Өтүү

Атыы

Иэйии

Куотуу

Сулус

Талах

Остуол

Сумка

Ракета

Полигон

Ноутбук

Химия

Юбилей

Университет

Трактор

Телевизор

Проектор

Сотовай

19.
Бэриллибит тыллар сыһыарыыларын ситэрэн суруйуҥ

Аан
дойду үрдүнэн бастакы космонавт дьахтар.

Валентина Терешкова – аан дойду үрдүнэн бастакы 
космонавт дьахтар. Кини Ярославск___й уобалас Масленниково дэриэбинэтигэр 1937
сыллаахха төрөөбүтэ. Аҕата колхоз____   тракторист______,  ийэтэ текстильн__й
фабрика___ рабочай______ үлэлээбитэ.

Валя уон сэттэлээҕиттэн үлэлээбитэ. Кини Ярославль
куорат завод____ үлэлээбитэ.  1962 сыллаахха  текстильн__й техникум__ бүтэрэн ,
комбинат __ үлэлии киирбитэ. Валентина  космонавт буолуутугар парашютн__й спорт
улаханнык көмөлөспүтэ.   Бу спорт___ Ярославль аэроклуб ___ дьарыктаммыта. Кини
126  төгүл парашют____ ыстаммыта.

Эбии
сорудах.

Валентина
Терешкова билигин тугунан дьарыктанарын бил, ол туһунан суруй.

20.
Айар сорудах. Бэриллибит халыыбы тутуһан   хоһоонно ( акростих)  айан суруй.

С___________________________________________________________________                      

А____________________________________________________________________                      

Н____________________________________________________________________ 

Д
____________________________________________________________________                  

А._____________________________________________________________________

Л______________________________________________________________________

С_______________________________________________________________________

А_______________________________________________________________________

А__________________________________________________________________________

С_________________________________________________________________________

21.
Сыллааҕы түмүктүүр тургутук

1.                 
Синоним кэккэтин төгүрүт

а)
ырыа, хоһоон, үҥкүү б) кэрэ, үтүө, эриэккэс в) турар, олорор, сытар

2.Антоним
кэккэтин төгүрүт

А)
улахан, бөдөҥ б) хомолто, үөрүү в) мэник, улдьаа

3.
Көспүт суолталаах тыл баар ситимин төгүрүт

А)
олох долгуна б)  муора долгуна в) долгуннаах өрүс

4.
Наар  илин аһаҕас дорҕоонноох тылы төгүрүт

А)
халлаан б) онус в) үөрүү

5.
Пааралаһар бүтэй дорҕооннору төгүрүт

Б,
в, ,г, д, л, м

6.
Өрө дьүөрэлэһии сөпкө үөскээбит тылын төгүрүт.

А)
атпыт б) тииккэ в) тииткэ

7.
Ханнык этииний?   Кыайыы күнүнэн!

А)
соруйуу б) сэһэн в) күүһүрдүү

8.
Ханна? Хантан?   диэн ыйытыыга эппиэттиир этии ойоҕос чилиэнэ

А)
толоруу б) сиһилии в) туһаан

9.
Элбэх ахсаан сыһыарыытын бул.

А)–
лар    б) —  лаах        в)  — чаан                

10
Идэни көрдөрөр сыһыарыылаах тылы бул.

А)ойуурдаах    
б)  кырсалар   3)  оһуохайдьыт  

11.Бэлиэтэммит аат тыл этии ханнык чилиэн буоларын быһаар

1 – туһаан 2 – толоруу  3 – быһаарыы 4 – сиґилии 

  1.  Балтым
    о
    ҕото
    кэллэ. 
  2. Биһиги
    саас хайы
    һарынан
    хатаа
    һылыыбыт. 
  3. Сылгы
    ньургу
    һуна
    өлгөмнүк
    үүммүт. 
  4. Биһиги
    тыанан быһа
    т
    үһэн
    кэллибит. 

12.
Ханнык бөлөххө  предметтэр эрэ   суруллубуттарый?

а)
кыһыл, остуол, түргэн б)   ардах, ыстанар, суруйар

                     
в)    ынах, сурук, харыйа

13.
Предмет бэлиэтин көрдөрөр тылы  бул:

а)
учуутал                б)  минньигэс         в) суруйар               

14.Нууччаттан
киирии тылы бул

А)
сибэкки б) солуур в) баҕана

15.  
Үүнээйи сахалыы аатын бул  голубика, осина А) отон, тэтиҥ б) сугун, тэтиҥ в)
хаптаҕас, бэс

22.
Тыл оонньуута.

Т

Х

23. Т.Сметанин  “Күөрэгэй”
остуоруйатынан  таайбараҥы таай.

О

Р

А

А

Х

О

Л

О

О

М

О

Т

М

О

У

Х

Ө

Т

Ө

Х

Т

Ы

Т

О

Й

Э

А

А

Т

О

С

Э

Т

Т

Э

М

И

И

Т

Һ

Э

Ч

М

Л

Б

У

Й

А

Ы

Т

А

Й

К

У

С

А

А

Н

НЬ

Ы

А

Т

А

Ҕ

А

Й

А

Н

А

Х

Туттуллубут
литература

1. Ааллааҕыскай Н.А., Егоров Н.В.,
Харитонов Л.Н.  Саха тылын грамматиката. – Дьокуускай, 1969

2. Алексеев И.А, Винокуров И.П., Гурьев
Г.И., Попова М.М. Саха тыла. 5 кылаас. Үөрэх кинигэтэ  – Дьокуускай, 2015

3. Гурьев Г.И. Саха тыла. Учууталга көмө
босуобуйа. – Дьокуускай, 2016

4.
Гурьев Г.И., Филиппов Г.Г. Саха тыла: үлэлиир бырагыраама: 5-9 кылаас. –
Дьокуускай, 2016

5.
Кондакова У.Ф. Тыл оонньуулара. – Дьокуускай, 2014

6.
Көдьүүстээх үөрэххэ суолу тэлэн…- ыстатыйа хомууруунньуга.- Дьокуускай, 2009

7.
Неустроев Н.Н., Ядрихинская А.Г. – Ситимнээх саҥаны сайыннарыы.үөрэнээччилэргэ
көмө пособие. – Дьокуускай, 1990

8
Петров Н.Е., Иванов С.А., Неустроев Н.Н., Семенова С.С. Саха тыла. 5 кылаас.
Үөрэх кинигэтэ – Дьокуускай, 2000

9.
Попова Е.П. Толкуйдатар оонньуулар. – Дьокуускай, 2008

10.
Филиппов Г.Г, Филиппова Н.И. Тыл оһуора. ( тыл оонньуулара) – Дьокуускай, 2002

Синонимия — тыл биирдэмнэрин биир таһымнаах көрүҥнэрин (тыл, морфема, тыл ситимэ) суолтата толору биитэр толрута суохтук сөп түбэһиитэ.

Синоним – (synonymia – одноименный) греческай тыл. Суолтатынан биир эбэтэр. Чугасыһар өйдөбүллээх, оттон дорҕооннорун састаабынан тус-туспа бэриллэр тыллар бөлөхтөрүн синонимнар диэн ааттанар [Ааллааҕыскай 1957: 4 66].

Синонимнар – дор5ооннорун састаабынан тус-туһунан саҥарыллар, ол гынан баран, биир эбэтэр маарыннаһар суолталаах тыллар ааттаналлар. Нуучча синонимистара синоним уопсай өйдөбүлүн быһаарыылара биирдик олосхуйа илик. Ол эрээри үгүс өттүлэрэ бу үгэс курдук туттуллар быһаарыынан салайтараллар.

Синонимнаһар кэккэ тыллар бүттүүн синонимическай бөлөҕү (кэккэни) оҥороллор. Ол бөлөххө биир сүрүн, баһылыыр-көһүлүүр суолталаах тыл баар буолар. Ол тыл «доминанта» диэн ааттанар. Тылларга доминанта синонимическай бөлөх иннигэр турааччы. Холобур, сылайбыт диэн тыл – доминанта, кинииэхэ синонимнаһар тыллар: илистибит, мөлтөөбүт, ахсаабыт, хараабыт, уҕараабыт, саллыбыт диэн тыллар, бары холбоһон, биир тустаах синонимическай бөлөҕү үөскэтэллэр.

Синонимическай бөлөх тылларын ахсаана биир тэҥ буолбатах. Соро бөлөх синонимнаһар тыллара элбэх, оттон сороҕо аҕыйах буолар. Холобур, үөһэ бэриллибит сылайбыт диэн тыл алта синонимнаһар тыллаах эбит буоллаҕына, ыйытыы диэн тыл боппуруос эрэ диэн тылы кытта сирэй синонимнаһар кыахтаах. Ол курдук, аҕыйах (икки, үс) тыллаах синонимическай бөлөх үөскүүр. Синоним бөлөҕүн үөскэтиигэ синонимнаһар тыллар суолталарын бэйэ-бэйэлэригэр маарынната сатаабакка, доминанта тылга сөп түбэһиннэрэн оҥоһуллуохтаах [Луковцев 1982: 136 142].

Синоним туһунан

Бэйэтин кэмигэр дьоһуннаах үлэнэн сыаналаммыт Ф.И. Фонвизин суруйбут нуучча тылын синонимнарын бастакы тылдьыта 1783 сыллаахха тахсыбыта. Синоним бэйэтин туһугар үгүс уустук өрүттэрдээх, сорох суоллара билигин да ситэ-хото быһаарылла илик, тыл биир баай араҥатынан буолар быһыылаах.

А.Б. Шапиро синоним диэн тугун, кини суолтатын биирдиилээн ученайдар XVII үйэттэн ыла бадахтаабыт аттарыыларын, чинчийбит үлэлэрин анализтаан туран, бэйэтин киэҥ ис хоһоонноох ыстатыйатыгар бу курудк суруйбуттаах : «Между тем словарь синонимов — пособие первой небходимости, наряду с грамматикой и толковым словарем».¹

¹  А.Б. Шапиро. “Некоторые вопросы теории синонимов” (на материале русского языка). Доклады и сообщения Института языкознания АН СССР №8. 1955, с. 69.

А.Б. Шапиро синоним диэн туох өйдөбүллээх буолуохтааҕын туһунан бу курдук түмэр суолтлаах сабаҕалааһыны оҥорбута: «Синонимами являются различные по своему звуковому составу слова, обозночающие одни и те же понятия, в выражение которых вносятся дополнительные оттенки значения».

Нуучча тылын синонимын тула ааспыт өттүгэр синонимиологтар ортолоругар хайдыһан хаалыы баара – биир сүрүн биһирэмнээх быһаарыы олосхуйбатаҕын дьэҥкэтик көрдөрөр.

Профессор Л.Н. Харитонов «Современный якутский язык»² диэн дьоһуннаах үлэтигэр, ким-хайа иннинэ, төрөөбүт тыл синонимын туһунан суруйбута: «Синонимами называют слова одинаковые или близкие по значению, но различные по звуковому составу ( от греч. – одноименный). Синонимы могут заменять друг друга при выражении одного и того же понятия или основной идеия, не нарушая (не искажая) их сущности». Холобур: эһэ, кыыл, тыатааҕы, кырдьаҕас, оҕонньор; самыыр, ардах; модьу, баабый, күүстээх, тэтиэнэх; абыраа, быыһаа, өрүһүй; адьас, ончу, отой, ыыра, букатын, төрүт…

Н. К. Антонов суруйар: «Синонимнары үөрэтии төрөөбүт тыл баайын билэргэ, онон хомоҕойдук тутта үөрэнэргэ улахан туһалаах. Саха тылыгар синонимнар эмиэ балай да киэҥник сайдыбыттар… Синоним буолар тыллар үксүн элбэх суолталаах буоланнар, араас тыллары кытта синоним буоласар түбэлтэлэрэ үгүс буолааччы. Биир тыл хас суолталаах да, соччонон элбэх атын-атын синонимныы кэккэлэри үөскэтэр кыахтаах». Кини тиһэҕэр маннык түмүккэ кэлэр: «Онон үгүс өттүгэр синонимнаһар тыллар бөлөхтөрө олус киэҥ буолааччы. Ол саха тыла эҥин-эгэлгэ тылларынан, ньымаларынан баайын, туһааннаах өйдөбүлү араастык эгэлгэлээн, эҕэлээн, өрүттээн, чуолкайдык уонна хомоҕойдук этэр улахан кыахтааҕын көрдөрөр… Саха тылын синонимнарын баайа араас жанрдар, стиллэр, сыһыаннар бары көрүҥнэрин, араҥаларынан толору хааччыйар курдук, өрүү үксүү, хаҥыы, сайда турар».³

Синонимнар Г.М. Васильев суруйарынан: «Суолталарынан төһө да атылыы курдуктарын иһин, бары үүт-үкчү буолбаттар, бэрт намчы семантическай уратылардаахтар, биллэ биллибэт арахсар дэгэттэрдээх (оттенки, нюансы) буолаллар. Онон синонимнары сатаан, бэйэ стилигэр сөп түюэһиннэрэн, бэргэнник туһаныы – тыл маастарын биир боччумнаах соруга».¹

² Л.Н. Харитонов. Современный якутский язык. Якутск. 1947.

³ Н.К. Антонов. Саха билиҥҥи тылын лексиката. Якутскай. 1967. 33-34 с.

¹  Г.М. Васильев. Нууччалыы-сахалыы поэтическай тылдьыт. 1976.

К. Уурастыырап биир хоһоонугар синонимныы тыллары бэргэнник туттуюут түгэнин ылан көрүөҕүҥ.

«Дьукку билэҕин

Чуубурҕаама,

Ыыра билэҕин

Ыллаҥнаама!»

Бу чуо5а-муо5а суох булгуччу билиннэрэр хабааннаах модьуйуу. Итиннэ туттуллар синоним тыллар дэгэт өйдөбүллэрэ: дьукку туппут, ыыра тарпыт курдук дьуккурхай модьуйуулаахтар. Өскө ити оннугар адьас билэҕин чуубурҕаама… ыллаҥнаама дэммитэ буоллар, саараҥныҥы соҕус, оччо-бачча булгуччута суох модьуйууну өйдөтүө этэ. Адьас – синонимическай бөлөҕү баһылыыр тыл. Кини бэйэтин бөлөҕүн иһинээҕи атын тыллар араас өрүттээх дэгэттэригэр ханнык да кытыга суох уопсай сыһыаннаһыыны тутуһар. Бу бөлөххө киирсэр сорох тылар дэгэт өйдөбүллэрин аттарыыга хас биирдии тыл төрүт, олох суолтатыгар олоҕуран быһаарыы, ордук төрүт олох суолтатыгар олоҕуран быһаарыы, ордук тоҕоостоох курдук. Холобур, ыыра, туура, булгу, отой, түөрэ диэн тыллары дьуккуччу ылыннарар эбэтэр ылыннарбат санааны туруору этэргэ туттуохха сөп. Ол аата маһы дуу, ханнык эрэ атын предметы ыыра, туура, түөрэ тарппыкка, булгу туппукка, отойбукка холоонноох модьуйуу буолуохтаах.

Эллэй хоһоонугар этиллэринэн: «Булгу барбыт кынаты ким хайаан да көтүтүөй?!» Кырдьык, ыыра тардыллыбыт, булгу тутуллубут самсана охсуллубута дьэҥкэ.

Синоним биир суол тустаах анала – тыл суолтата кубулдьутуллан, кини өйдөбүлэ бэрт намчы дэгэттэнэн бэргэнник туһаныллыытын хааччыйыы. Синоним тыл саныыр санааны чочуйар, этэр этиини эгэлгэлиир, тыллаһар тылы кылаанныыр. Манан синоним тыл суолтатын дарбата сатаабаппыт, кини дэгэттээн этэргэ табыгастаах тылларын көмөлөһөр өҥөлөөҕүн тоһоҕолоон этэбит.

Синоним бөлөҕүн иһинээҕи хас биирдии тыл төһө дэгэт суолталанар да, соччонон туспа синонимныы бөлөҕү үөскэтэр. Холобур, үчүгэй, үтүө, күндү; кэрэ, эриэккэс; талыы, талба, мааны; туйгун чулуу диэннэр синоним биир бөлөҕө буолан ылар кыахтаахтар. Оттон тыллар тустаах дэгэтэринэн сөпсөһөн, тус-туһунан синоним биир бөлөҕө буолан ылар кыахтаахтар.Оттон тыллар тустаах дэгэттэринэн сөпсөһөн, тус-туһунан синоним бөлөҕөр хайдаллар. Ол хайдыыга атын саҥа тыллар кытталлар, дэгэт суолтата тэтимирэр: Үчүгэй дьүөгэм – үрдүттэн судургу үчүгэй. Күндү дьүөгэм – ханнык эрэ күндүргэтэр дэгэттээх үчүгэй. Үтүө дьүөгэм – таһыччы истиҥ эрэннэриилээх үчүгэй [Аллааҕыскай 1982: 3-9 142].

Саха синонимикатын үөрэтии билиҥҥи туруга

Саха тылыгар синонимы үөрэтии туругун туһунан кылгастык билиһиннэрэр буоллахха, саха тылын синонимиятын туһунан методическай суолталаах үлэ суоҕун кэриэтэ (1982 сыл туругунан). Ол курдук саха тылынүөрэхтээхтэрин сорох үлэлэригэр, тылдьыттарга кыратык, хам-түм туттуллан, таарыллан ааһаллар.

Элбэх синонимнаһар тыллар Э.К. Пекарскай «Словарь якутского языка» диэн тылдьытыгар бэриллэллэр.Холобур, алдьархай, диэн тыл синонимнарынан быһылаан, илдьиркэй, өлүү, үлүгэр, сор, эрэй, муҥ диэн тыллар киллэриллэллэр.

А.Е. Кулаковскай «Статьи и материалы по якутскому языку» диэн кинигэтигэр харамайдар уонна үүнээйилэр (диалектальнай тыллар) синомнаһыылара хабыллар. Холобур эһэ диэн тыл, сорҕото төһө да архаичнай суолталааҕын иһин, 22 синонимнаһар тыллардаах эбиттэр. Эһэ – талкы, аабый, хохтуула, эбэ, оҕонньор, тойон, улуу кыыл, тыатааҕы, ойуурдааҕы, арбаҕастаах, хоох, кини, мэлбэр, моҕус, сырҕан, хардаҕас, хадаччы, маппыйар, таптыыгын, накыта, накыйбах.

А.Е. Кулаковскай эһэ итиччэ элбэхаатааҕын икки суолунан быһаарар: маҥнайгытынан, эһэ саха сиригэр киэҥ сиринэн тэнийбитинэн, ол иһин араас сирдэргэ араастык ааттамытынан, иккиһинэн, итэҕэл, иччи өйдөбүллэрэ баалларынан куттанан, сэрэнэ, тардына ааттабыттарыттан тахсыбыт.

Маҥнайгы синонимы үөрэтиигэ анаммыт үлэнэн П.П. Барашков 1938 с. Илиинэн суруллубут үлэтэ «Словарь синонимов и омонимов на русском шрифте» диэн үлэтэ буолар. Бу тылдьыкка тыллар алфавит бэрээдэгинэн суруллаллар. Доминанта буоалр тыл бастатыллар. Ол кэнниттэн синонимическай бөлөх бэриллэр. Синонимнары быһаарар холобурдар этиилэринэн доҕуһуолланаллар.

Итилэри таһынан проф. Л.Н. Харитонов «Современный якутский язык» диэн үлэтигэр «Лексика» диэн разделга синонимнарга биир туспа параграф анаммыта. Проф. Е.И. Убрятова «По синонимике синтаксических конструкций» (сб. «Языки народов Сибири»), И.П. Винокуров «Синонимика падежных конструкций в якутском языке», А.Г. Нелунов «Глагольная фразеология якутского языка» — диэн үлэлэр бааллар. [Луковцев 1982: 136-138 142].

Саха синонимиката үөскээбит уонна

байытыллар суоллара

Саха синонимнаһар тыллара, араас кэмнэргэ үгүс ураты ньымаларга олоҕуран, сыыйа үөскээбиттэрэ.

1.    Атын омуктартан кирбит тыллартан: боростуой, киитэрэй, чыын, оонньууска (нуучч.); судургу, соло (монг.); уктас (тув.); ньымаат (эвенк) уо. д. а.

2.    Саха диалектнай тыллара уопсай тылы кытта булкуһууларыттан: ыйыт – сураа; ыарытыган – араҥ; дьабарааскы – өргүө; лааҥкы – алыҥах; долбуур – холорук; тоҥсоҕой – тоноҕос; кукаакы –ньокоокуй; тэмэлдьигэн- тоноҕос уо. д. а.

3.    Харыс тыллары (эвфемизмнары) туттууга куһэлититтэн: хотой – тойон кыыл, эһэ – кырдьаҕас, тыатааҕы; абаһы хараҕа – көрөр, анаарар уо.д.а.

4.    Тылы сымната саҥарыыттан: хат, оһоҕостоох – ыарахан; өлбүт – куһаҕан буолбут, айаннаабыт, барбыт уо.д.а

5.    Төрүт синонимнаһар тыллартан: маҥан – уруҥ; кыра – аччыгый, оччугуй, быыкаа, быыкаайык, куйа, дуона суох; үчүгэй – бэрт, үтүө…

Нуурайар чуумпу күөл дьиримнии истэрэ,

Нусхайар чугас тыа мичиҥнии күлэрэ (П.О.).

(күл, мичилий, күлүм аллай, ымай, ырбай, мырбай – синоним бөлөҕө)

Ымай-ырбай ырыанан ырбай (П.О.).

Көрсүө дьүһүннээх, номоҕон ньуурдаах, сэрэммит сирэйдээх… Тоҕус сүөм холобурдаах норуллар ноолур солко суһуохтаах эбит. (А.К.).

(дьүһүн, сирэй, ньуур; баттах, суһуох). [Луковцев 1982: 138-139 142].

Туһаныллыбыт литэрэтиирэ:

1.      Ааллааҕыскай Н.А. Саха тылын синонимнарын, омонимнарын уонна антонимнарын тылдьыт. Якутскай 1957. Якутская республиканская типография. 66 с. Синонимия

2.      Ааллааҕыскай Н.А. Саха тылын антонимнарын тылдьыта. Якутскай 1976. Якутское книжное издательство. 53 с.

3.      Аалааҕыскай Н.А., Х.Х. Луковцев. Саха тылын синонимнарын кылгас тылдьыта. Якутскай 1982. 142 с. Синонимия

Понравилась статья? Поделить с друзьями:
  • Эритроциты синоним
  • Эритроцитоз синонимы
  • Эритропоэтин синонимы
  • Эритромицин синонимы
  • Эритема синоним