эгэлгэ
1) разнообразие; разнородность || разнообразный; разнородный; үүнээйи эгэлгэтэ разнообразие растений; эгэлгэ табаар разнообразные товары; тыл эгэлгэтэ а) различные оттенки слова; б) диалектные варианты слова; 2) прихоть, каприз, причуда; эгэлгэтэ элбэх у него много капризов, он очень капризен.
Якутско-русский словарь
эгэлгэ
- эгэлгэ
-
1) разнообразие; разнородность || разнообразный; разнородный; үүнээйи эгэлгэтэ разнообразие растений; эгэлгэ табаар разнообразные товары; тыл эгэлгэтэ а) различные оттенки слова; б) диалектные варианты слова; 2) прихоть, каприз, причуда; эгэлгэтэ элбэх у него много капризов, он очень капризен.
Якутско-русский словарь. — М.: Советская Энциклопедия.
К.К. Юдахин.
1965.
Быhаарыы
сурук
Хоту промышленнай улуустарга саха
тылын о5олорго үөрэтэр улахан уустуктардаах. Бу улуустарга о5о төрөөбүт
тылын саппааhа,
со5уруу улуустарга тэңнээтэххэ, лаппа а5ыйах. Биричиинэтэ промышленнай
улуустарга сахалыы тыллаах олохтоох а5ыйа5а буолар. Холобура,
Өймөкөөн улууһугар сахалар ахсааннара уопсай олохтоохтор
ахсааннарыттан 10% бырыhыаны ылар.
Маннык балаhыанньа
саха о5ото тулалыыр эйгэтигэр төрөөбүт тылын туттара а5ыйыырыгар
тиэрдэр. Төрөппүт үлэтигэр сахалыы саңарбат, тиhэ5эр дьиэтигэр да
сахалыы саңарара, кэпсэтэрэ аччыырын ааhан, олох да сүтэригэр тиийэр.
Дьиэ5э төрөппүт биирдэрэ эбэтэр иккиэн да5аны нууччалыы кэпсэтэр буолаллар.
Төрөппүт о5отун кэлин оло5ор нууччалыы кэпсэтэригэр туhалаах
буолуо диэн, нуучча детсадыгар, оскуолатыгар биэрэ сатыыр.
Биллэн турар, маннык түбэлтэ5э
саха кылааhыгар да
киирбит о5о төрөөбүт тыла ситэ сайдыбатах буолар. О5о төрөөбүт тылын үөрэтэрин
ыарыр5атар, сөбүлээбэт. Онтон бэйэтэ сахалыы толору билбэт төрөппүт о5отугар
көмөлөhөрүгэр
уустук.
О5о5о төрөөбүт сахабыт тылыгар
тапталы үөскэтиигэ, о5о төрөөбүт тылынан сөбүлээн аа5ар буоларын туhугар биhиги
учууталлар үөрэтии араас ньымаларын, көмө матырыйааллары туттан утумнаах үлэни
ыытыахпытын наада.
О5о ордук ойуулуур– дьүһүннүүр
тыллары туттубат. Ойуулуур– дьүһүннүүр тыллара суох сахалыы кэпсээн
сыппыыр-сымсыыр.
Үөһэ этиллибит итэ5эстэри
туоратарга көмө, 1-4 кылаастарга аа5ыы кинигэлэригэр оло5уран, учуутал,
төрөппүт, үөрэнээччи тиэкиhи кытта үлэлииллэригэр дөбөң, судургу
буоллун диэн кылгас быhаарыылаах
тылдьыты хомуйдум.
А
Аабылаан – кыра талахтаах, ыар5алаах сир.
Аалай – кып-кыhыл.
Аарыма – олус бөдөң, улахан.
А5ылыыр
– күүскэ айа5ынан тыынар.
Адьарай – куhа5ан, эрэлэ суох,
куhа5ан
майгылаах.
Адьыр5а – сиэмэх.
Алаас – тыа тулалаах сыhыы, хонуу
сир.
Алама5ай — үөрүнньэң, эйэ5эс.
Алар – арыы, тиит, ойуур.
Алыңах-тыа иhигэр лааңкылаах,
дул5алаах маардыңы сир
Алыы – дул5алаах, сэппэрээктээх маардыңы
сир.
Амарах – аhыныгас.
Амырыын – олус кутталлаах.
Анаарар – ырытар,
толкуйдуур.
Атаралыыр
– киэңник хардыылаан сүүрэр, хаамар.
Атыллыыр
– мэhэйи
хардыылыыр.
Аартык – улахан айан суола.
Ара5ар
– арахсар.
Арбах – хаппыт мас лабаата.
Ача – от көрүңэ.
Б
Балай – хара5а суох эбэтэр мөлтөхтүк көрір.
Баллайар
– улаатар, тэнийэр.
Ба5ыыр – тугу эмэ иилэн тардарга аналлаах
тимир
Баргыйар
– улаханнык үрэр, саңарар.
Бастың – саамай үчүгэй.
Биэтэңниир
– хачайданар.
Бөдөң – улахан.
Бөтөс – күүстээх-уохтаах бөдөң киhи
Будьурхай – кудураабай.
Булгу
– тосту
Булуус – умуhах.
Буолак
– бурдук ыґар сир.
Бүтэй – сүөhү хаайар күрүө;
быыhа-хайа5аhа суох
Быака5ар – синньигэс бииллээх.
Быhый – түргэнник сүүрэр киhи.
Быыкаа – кыра.
Д
Дал – хотон таhынаа5ы күрүө
Далай – киэң, муңура биллибэт уу.
Далла5ар – улахан, тэрэйэ сылдьар
кулгаах.
Дара5ар – кэтит сарыннаах
Дарбыйар – омунсуйар, улаханнык тыаhатар.
Долборук –хотоңңо от угар сир
До5уhуоллуур – батыhар,хатылыыр.
Дой5охтуур – арааhы саңарар.
Дохсун – күүстээх, уохтаах.
Дөйүңү – куhа5аннык истэр.
Дуй – тимири, алтаны көмүhүнэн бүрүйүү.
Дуола – айыл5а баай дэлэгэй эйгэтэ.
Дуома – куччатыы тыл.
Дэлэй – элбэх.
Дэхси – көнө, тэң.
Дь
Дьала5ай – бол5омтото, эппиэтинэhэ суох ыhылла5ас.
Дьаныардаах – санаабытын кыhаллан
оңорор, түмүгэр
тиэрдэр.
Дьарамай – ырыган, дьүдэх.
Дьохсоот – өhүргэс, охсуhуук.
Дьөлүү – тэhии.
Дьулуурдаах – санаабытын толорор.
Дьүөгэ – кыыс, дьахтар до5ор.
Дьыбар – киэhэ, сарсыарда түhэр тымныы
Дьэңкир – курдаттыы көстөр.
Дьэллэм – аhа5ас майгылаах.
И
Иилэр
– ыйыыр.
Иин – киhини көмөр дьаама.
Иинэ5эс – куурбут, хаппыт.
Илби — үлтү (илдьи).
Иллэң – сололоох, бириэмэлээх.
Иңсэ – ымсыырыы, оботуруу.
Истиң – эйэ5эс, ис дууhаттан.
Иттэннэри – тиэрэ, көхсүнэн.
Иччи – туохха барытыгар баар тыын, күүс.
К
Кистиир
– сылгы саңата.
Көй – салгын.
Көйгө – абааhы көрөр, сөбүлээбэт,
ата5астыыр киhилэрэ
Көлө – айанныырга массыына, сыар5алаах ат,
о5ус, таба.
Көлөhүн – тириттэххэ бычыгыраан тахсар
уу, кир
Көмнөх – хагдарыйбыт мутукча.
Көмөр – чох.
Көмүлүөк – сахалар былыргы оhохторо.
Көр – оонньуу, үөрүү-көтүү.
Көрсүө – бэрээдэктээх.
Көх — үчүгэй холобуру өйөөhүн.
Кубархай – өңө барбыт, маңхайбыт.
Куйаар – муңура биллибэт, халлаан.
Куймаңныыр
–ө5үллэңниир.
Кулуhун – сиргэ оттуллар уот,
кутаа.
Куччугуй – кыракый.
Күдэпчилэнэр
– күүскэ умайар.
Күөдьүйэр
– уота күүhүрэр.
Күрүлгэн – күүстээх дохсун сүүрүк, үрдүк
сиртэн түhэр уу.
Күрүң – кытарымтыйан көстөр бороң.
Күрэңсийбит – маңхайан эрэр.
Күтүр – уордаах, кырбый.
Кыбыы – от күрүөтэ
Кыйа – кырыытынан.
Кыланар
– хаhыытыыр.
Кылар – харахтарын харалара олус чугастар.
Кылба5ар – маңан ыраас
Кытыл — үрэх, өhүc биэрэгэ.
Кырдал – сэдэх со5ус оттоох-мастаах үрдүк
сир
Кырпай – күhүн маңнай түспүт
кыраhа хаар.
Кырыктаах – киңнээх, уордаах
Кыыhар –
кытарар.
Кэлимсэ – барытын тэңник.
Кэлтэгэй – аңара суох.
Кэмсинэр
– сыыспытын билинэр,бэйэтин буруйданар.
Кэнчээри – охсуллубут сиргэ иккистээн үүммүт
саңа от; үүнэн иhэр көлүөнэ.
Кэриэрэр
– уот сиэн хараарар.
Кэрэмэс – кэрэ, кырымахтаах хара уонна кыhыл саhыл холбоспуттара
Кэскил – ким, туох эмэ инникитэ, кэлэр оло5о,
сайдыыта.
Кэччэгэй – көңөс
Л
Лабысха-лабый – хос-хос биири төннөн
кэпсээhин.
Лоhугуруур – туох эмэ кытаанах түhэр тыаhа.
Лөглөгөр – бөлтө5өр, төкүнүк.
Лэбээр – элбэх саңалаах.
М
Маадьа5ар – токур атахтаах
Мала5ар – улахан сирэйдээх.
Мара – куhа5ан , чанчарык.
Миңэ – мииниллэр ат.
Модун – күүстээх.
Моhуоктуур – мэhэйдиир.
Муңнаах – сордоох, эрэйдээх.
Муң – сор, эрэй
Муңатыйар – ытыы-соңуу эрэйин кэпсиир.
Мындыр – өйдөөх.
Мыраан – өрүс, үрэх эңэрин кыйа барар намыhах хайа.
Мэлийдэ – сүттэ.
Мэң – киhи этигэр
хара, кугас бээтинэ
Н
Налыйар – чуумпурар утуйар.
Налыы –чычаас уулаах дэхси сир.
Намыын – на5ыл, холку, сымна5ас.
На5ыл – бытаан.
Нарын – намчы, кэрэ, уран.
Нөрүйэр – төбөтүн тоңхотор.
Нөңүө – туох эрэ кэлин өттө.
Нуhараң – чуумпу, сылаас.
Нэлэ5эр – киэң, аhа5ас.
О
Одуулаhар – уhуннук биир
сири көрөр.
Обот – аска ымсыырыы
Обургу – улахан со5ус
Ойдубут – кыратык алдьаммыт, тостубут,
быстыбыт.
Олоотуур – тула өттүн ыраа5ы одуулаhар, көрөр.
Олох мас – олоппос.
Омоон – биллэр-биллибэт суол.
Оңкучах – умуhах.
Оргул – кымырда5ас уйата.
Очуос — үрдүк уhуктаах
таас хайалар
Ө
Өксүөн – хаардаах ардах.
Өлгөм – хойуу, элбэх.
Өлүк – өлбүт харамай.
Өмүрэр – соhуйан хаhытыыр.
Өң — үүнүүлээх.
Өс киирбэх – барытын кырдьыктанан иhэр.
Өспүтэ – умуллубута.
Өhүөннээх –өстөммүтүн умнубат киhи.
С
Саадьа5ай – эриэн.
Сайа5ас – эйэ5эс.
Сандал – сырдаан, күндээрэн көстөр.
Санньыар – санаар5аабыт, мунчаарбыт
курдук.
Самнарда – кыайда, охтордо.
Саппа5ырар – мөлтүүр, хараңарар, эргэрэр
Саhар5а – сарсыарда халлаан сырдааhына.
Сибики – сурах, бэлиэ, чинчи.
Сиилээн – от үрэх.
Сиккиэр – сөрүүн, мөлтөх, чэпчэки тыал.
Силбэhэр – холбоhор,
сыстар.
Силлиэ – күүстээх ардахтаах, хаардаах
тыал.
Силэйэр – антах анньар.
Симириктиир- хара5ын симпэхтиир.
Симиир – киэргэтэр.
Сис тыа– ойуурдаах хайа.
Солотуу – кыhыл көмүhүнэн
сотуллубут.
Сө5өр – саллар.
Сутука – талах иирэ хатырыга.
Суорба – улахан, бөдөң таастар.
Сүллүгэс – киhи
тутарыгар сөптөөх ыарахан мас, баалка.
Сүдү — улахан,улуу
Сүөкүүр – то5ор.
Сөhүөстэр – өйөнөр, ыйаастар.
Сыбыытыыр – элбэхтэ барар-кэлэр.
Сыгынах – силистэри түөрүллэн охтубут мас
төрдө.
Сыдьаайар – сырдаан көстөр.
Сымара – улахан таас.
Сыhыы – киэң хону, толоон.
Сырсар – эккирэтэр.
Сэгэйбэхтиир – чэпчэкитик үктэнэн хаамар.
Сэдэх – а5ыйахта көстөр
Сэмэй – олус бэрээдэктээх, чуумпу киhи.
Сэнэх — үчүгэй со5ус.
Сэргэх – барытын кірі-билэ сылдьар киґи.
Собул5а – охтон, ыалдьан өлбүт харамай өлүгэ.
Т
Талыы – саамай.
Талба – мааны.
Тиңийэр, таңыйар
– тимири тыаhатар.
Тиэргэн – дьиэ таhа
Тобурах – туорах курдук тоңмут хаар.
Толомон – бөдөң.
Томторук – торбоско ына5ы эмэн кэбиспэтин
диэн кэтэрдэр тэрил.
Тонуур — үргээн ылар.
Торолуйар – улаата турар
Төлөн – уот кытыастара.
Төрөл – бөдөң
Тунуйар – сыта тар5анар.
Туруулаhар – өчөhөр.
Тусаhа – күрүө иhэ.
Түбэhиэхчэ – толкуйдаабакка оңоруу
Түң-таң – сыыhа-халты
Түңкэтэх – ким да сылдьыбат сирэ, билсибэт
киhитэ
Тыйыс – кытаанах, тоңуй майгылаах киhи.
Тыллыыр — үңсэн биэрэр.
Тэбэнэттээх – мэник, дьээбэлээх.
Тэлгэhэ – дьиэ иннэ.
Тэңкэ — үрдүк тииттээх арыы тыа.
Тэскилээтэ – куотта.
У
У5арыйар
– мөлтүүр, бүтэр.
Удьур5ай – хатыңңа лоппоччу үүнэр кытаанах
тэллэй
Уйан – сымна5ас, аhыныгас.
Уйар
– ыараханы тулуйар
Ула5а – орон истиэнэ диэки өттө.
Улахамсык – кими да бэйэтигэр тэңнээбэт.
Унньуй – уhун.
Уңуоргу – урэх анараа кытыла
Ур – ыалдьыбат искэн.
Ууннары – уhата сатыыр.
Уо
Уол5амчы – уhуну-киэңи толкуйдаабат
киhи.
Уолуйар
– соґуйар, куттанар.
Уолук – таңаска моой төрдө.
Уорбалыыр
– итэ5эйбэт, сэрэхэччийэр.
Уор5а – сис өттө.
Үө
Үөл – сииктээх мас.
Үөлэс – турба тахсар хайа5аhа.
Үөлээннээх – уруккуттан билсэр чугас киhи, до5ор.
Үөмэх – ыксарыта чугас-чугас турар.
Үөр – хамсыыр-харамай мустан сылдьара.
Ү
Үгэс — үйэлэргэ тутуhар
санаалара, туомнара,
Үүйэр
– баайар, тигэр.
Үмүрүк – ата5ын утары үктээн хаамар.
Үскэл – улахан, бөдөң.
Үтүө — үчүгэй.
Үүтээн – кыра буор бала5ан.идэлэрэ.
Х
Ха5ыс – тымныы, куруубай.
Халбарыйар
– сы5арыйар.
Хал5ан – аан.
Халдьаайы – алаас үрдүк өттө
Халтаң – чараас.
Халтай – туhата суох, мээнэ.
Хатар
– быаны өрөр.
Хатыйар
– ата5ынан олуйар.
Харалдьык – саас эрдэ хараарбыт сир.
Харгы – өрүс чычаарар сиригэр таас мэhэй.
Хардарыта – утарыта, төттөрү-таары.
Хаhаа – сүөhү хаайар
сир.
Холорук – эрийэр тыал.
Холумтан – оhох оло5о.
Хомо – өрүс чүөмпэлээх муңур салаата.
Хомо5ой – өйдөнүмтүө, уус-уран саңа.
Хоно5ор – олус көнө.
Хоңкуйар
– төбөтүн төңкөтөр.
Хоргус
– куттас.
Хор5ойор
– саhар.
Хоторор – эти күөстэн хостуур
Хочо — үрэх, өрүс кытылын хонуута.
Ч
Чабыр5ай – киhи хааhын үрдүнэн
сүүhүн уңуо5а.
Чакыр – сырдык, дьэңкир харах
Чанчарык –
кирдээх, ньэрээхэ.
Чолбон – хотугу сулус.
Чопчу – оруобуна.
Чөрөйөр
– кулгаа5а тыаhы истэн
хоройор.
Чугуйар – кэннинэн тэйэр.
Чуңнуур – кэтээн көрөр.
Чыыбаайы – от, боруу арааhа.
Чээлэй – олус күөх.
Чэң – истиэнэ мууhуруута.
Чэнчис – ыраас.
Ы
Ылааңы – сылаас күн.
Ыллык – синньигэс киhи, сүөhү хааман
таhаарбыт
суола.
Ыркый – хойуу бытархай титирик мастаах
ойуур.
Ытыйар – күүскэ булкуйар.
Ытырыктатар – куттанар.
Ыыс – хойуу буруо.
Ычык – хойуу ойуур.
Э
Эгэлгэ –
араас.
Э5ирийэр – салгыны түөһүн иhигэр ылар.
Элгээн – күөл.
Элэккэй – эйэ5эс,
кэпсэтинньэң.
Элэмэс – эриэн.
Эндэппэт – сыыспат.
Эниэ – намыhах сыыр.
Эндиргэ – кураанах үрдүк сир, сыыр.
Эмэх – мас эргэрэн, өлөн сымнаабыта.
Ээл-дээл – нэhиилэ.
Эрдээх – харса
суох, хорсун
Эркин – истиэнэ.
Туттуллубут
литература:
1. Буукубаар
А.П.Колесова Бичик 1994
2. Сыккыс
У.Ф. Кондакова, У.Е. Леонтьева Бичик 2005
3. Саhар5а
Л.В. Захарова, Л.К, Избекова Якутск 1994
4. Ньургуhун Л.В.
Захарова, Л.К, Избекова Якутск 1997
5. Кустук
Л.В. Захарова, Л.К, Избекова Якутск 1996
6. Саха тылын
быhаарыылаах
кылгас тылдьыта П.С.Афанасьев, П.С.
Слепцов, В.И. Лиханов уо.д.а. редакцияларынан Бичик 1994
.
1993 сыл ыам ыйын 19 күнүгэр Бэрэсидьиэн ыҥырар диэтилэр. Тыый, хаһан да айах атан кэпсэппэтэх киһим, көрөн эрэ билэбин. Тиийдим. Кабинекка киирбиппэр ис киирбэх сэбэрэлээх, киппэ соҕус эттээх-сииннээх, кыратык кыырыктыйбыт хойуу баттахтаах орто саастаах киһи дорооболоһон илиитин уунна. Илиитин туппутум сып-сылаас, хайдах эрэ ис испиттэн эрэниэх санаа киирдэ.
Ханна, хайдах үөрэммиппин, дьонум кимнээхтэрин, дьиэ кэргэммин ыйыталаһан баран «Холбоһуктаах министерство тэрийэбит, ыччат, спорт, туризм. Онно миниистиринэн үлэлээ» диэн баран илиитин биэрдэ. Мин, туох үлэҕэ түбэспиппин иһин-үөһүн билбэккэ да, илиитин туттум уонна тахсан баран биирдэ өйдөннүм. Бээрэ, ыччат – иитии, үүнүү, үөрэх, политика; спорт – сэниэ, күүс-уох, дьарык технологията, күрэс; туризм – айылҕа, культура, экономика, инфраструктура, сынньалаҥ. Күнү-түүнү быһа төбөм иһэ хайдах үлэлиибин, туох дьоҕурдаах дьону булан үлэлэтэбин диэн хааһыланан, буккуллан утуйар уум көтөн, аһыыр аһым амтанын билбэт да буоллум. Ыам ыйын 21 күнүгэр уураах таҕыста.
Ыччаты кытта үлэлии олорбут дьону кытта билистим, хайдах эрэ астымматым, атыҥыраатым, бэйэлэрэ айан үлэлииллэрэ суоҕун кэриэтэ эбит, киинтэн кэлбит дьаһаллары толорор соруктаахтарын өйдөөтүм. Кырдьык даҕаны, хомсомуол диэн судаарыстыба бу кэмҥэ баар идеологиятын саллааттарын бэлэмниир үлэ буоллаҕа. Тугу эрэ саҥаны, бэйэбит көрүүбүтүн олоххо киллэриэхтээхпитин Бэрэсидьиэммит ыытар политикатыгар баар дии саныыбын. Тэриһи көрүстүм, тылын-өһүн, өбүгэлэрбит итэҕэллэрин, үгэстэрин кэпсиирин ис-испиттэн ылынным.
Бастакы сорукпут тыһыынчанан сылларга омук өйүн-санаатын, олоҕу көрүүтүн торумнаабыт, нууччалар кэлиэхтэриттэн бобуллубут үгэстэрбитин үөскэппит итэҕэлбитин тилиннэрии дуу диэх санаа киирдэ. Күрэс түһүлгэтин соругун билэбин, икки сыл съезд тэрийэн, Россияҕа бастакынан сокуон ылларан, үлэлээн кэллэхпит дии. Биир сорукпутун Бэрэсидьиэммит бэйэтэ үөрэҕи өрө тутуохтаахпытын этэрин киһи бары билэр. Дьэ туризм миэхэ улахан кыһалҕа буолла: тымныыбыт, кумаарбыт, кыырдаайыбыт, кыымаайыбыт, суолбут-ииспит, кэлбит дьону сырытыннарар-сынньатар, кэпсиир-ипсиир кыах олох кыра. Аны тэрилтэлэр барыыга үлэлииллэр эбит, киириигэ Элиэнэ очуостара, ЛОРП уонна Баһылай Атласов кэргэнинээн эрэ, дөрүн-дөрүн кистии-саба дьону аҕалан бултатарга үлэ эмиэ баар курдук. Атласовтары өйүүргэ сананным. Күһүөрү өйбөр син туох эрэ ситим курдук ойууланна: үгэстэрбитин тилиннэриэхтээхпит, өйбүтүн-санаабытын, эппитин-сииммитин, куппутун-сүрбүтүн чэбдигирдиэхтээхпит, үөрэҕинэн бэйэбитин сайыннарыахтаахпыт. Аны ити хайысхаларбыт олохпут хайа эйгэлэригэр ананыахтаахтарый диэн ыйытыы ыйанан хаалла. Ол сылдьан, улахан тугу да этэрим суох да буоллар, ыччат дьону кытта көрсөр үлэбин эмиэ толоро сатыыбын.
Күһүөрү, халлаан балай да сөрүүдүйбүтүн кэннэ, тоҕо эрэ ис-испиттэн таттаран, атаһым Григорьев Гавриил Гаврильевич дойдутугар Ытык Күөлгэ тиийдим. Ыччаттары кытта көрүстүм. Кэпсэттибит. Администрация таһыгар гостиницаҕа түһэрдилэр. Онно хоно сыттахпына били мунчаарар эйгэлэрим сарсыарда түөрт чаас саҕана тиийэн кэллилэр. Ойон туран суруна оҕустум: предпринимательство; тутуу; оҥорон таһаарыы; иитии; үөрэх; айылҕа харыстабыла; сынньалаҥ. Куоракка тиийэн дьэ ити эйгэлэри үөрэтиим саҕаланна.
Ону-маны оҥорон, атыылаан-эргинэн бэйэтин көрүнэн олорор дьон элбэҕиттэн судаарыстыба кыаҕырар эбит. Дьиэ тутуутун сыаната чэпчэкитэ дьон ороскуота кыччаан, үптэрин-харчыларын оҕолоругар-урууларыгар, мал-сал булуналларыгар, аһынан-таҥаһынан хаачыналларыгар ананыахтаах эбит. Оҥорон таһаарыы дойду бэйэтин бэйэтэ хааччынарыгар сүдү суолталаах эбит. Оҕо иитиитэ омук ылыммыт итэҕэлигэр, үгэстэригэр тирэҕирэр буоллаҕына иитии биир өйгө-санааҕа киириитэ кэлимсэ буолар эбит. Үөрэх айар дьоҕуру сайыннардаҕына, чулуу дьон уһуйуллан-такайыллан тахсара элбиир эбит. Аан дойду туохтааҕар да улахан кыһалҕатынан экология буолбут, онно киһи аймах сырдык ыра санаата ноосфера таһымыгар тиийэрэ ирдэнэр эбит. Аны киһи-аймах төрөөбүт-үөскээбит сириттэн мэйиитэ таҥыллар уонна салайыллар буолан айылҕатын тэтимин тутуһан олордоҕуна чөл туруктанар эбит.
Дьэ, тугу үлэлиэхтээхпин сабаҕалаан баран, кыһыары Москваҕа баран тойотторбун кытта билсэр санаалаах сөмөлүөккэ киирэн олордум. Көтөн истэхпинэ стюардесса дьахтар кэлэн Бэрэсидьиэн ыҥырар диэтэ. Өйдөөбөккөбүн «ханна?» диэтим. «Там на носовой части у него комната» диир. Тиийбитим түөрт киһи олорор кириэһилэлэр, остуол уонна ширма кэннигэр диван баар эбит. Михаил Ефимовичтыын илии тутуһан баран ону-маны кэпсэттибит. Онтон ас аҕаллылар уонна биир бытыылка коньяк. Аһаан ортолоон иһэн киһим көтөхтөрдө, мин охсуһуннаран баран остуолга үрүүмкэбин ууран кэбистим. Киһим кыратык истэ уонна тугу да диэбэтэ. Аһаан бүтэн баран «арыгыны тоҕо испэккин?» диэн ыйытта. Мин «хомсомуол үлэтин уларытан ыччаты кытта үлэ программатын оҥороору «тилиннэрии, чэбдигирдии, бэйэни сайыннарыы» диэн концепция суруйа сылдьабын. Чэбдигириэххэ диэн саҥа таһааран баран арыгы иһэ сылдьарым олуона баҕайы. Уонна саха ыччата арыгыттан тэйдэҕинэ эрэ дьоммут-сэргэбит сайдыа дии саныыбын. Правительство дьоно балай да банкеттыыллар эбит. Ол аһылык кэнниттэн аҥаардарын суоппардара соһон-сыһан массыынаҕа таһаараллара көрөргө сүөргү баҕайы» диэн саныы сылдьар санаабын аһаҕастык эттим, кэпсээтим.
Москваҕа салайааччыларбын кытта билистим, ким да тугу да ыйыппат, бэйэлэрэ да оннук үлэлээ, маннык гын диэн этии суох. Мин концепциябар ким да наадыйбат эбит. Дьиэбэр кэлэн бииргэ үлэлиир дьоммун кытта төгүрүк остуоллаан сороҕун ылынаран, сороҕор мөккүһэн син торум курдук оҥордубут. Ол сырыттахпына Кириллин Баһылай Баһылайабыс эрийэр «Доо, эн Михаил Ефимовичка туох тылын эппиккиний, синонимна бул диэбит сорудаҕын толорбоккобун моһуокка ыллардым» дии-дии күлэр. Баһылайдыын аһары тапсан үлэлээбиппит. Киһи быһыытынан холкута, дьону билэринэн, ону ааһан ааҕара-суруйара элбэҕинэн, кэпсэтэрэ-ипсэтэрэ сэргэҕинэн хайа баҕарар киһини сэҥээрдэр кыахтаах саха этэ. Бэрэсидьиэн этиитин барытын кини эрэ суруйар.
«Эдэр саас» диэн ыччат сөбүлээн ааҕар хаһыат сыһыарыытын тэрийэн, айар, салайар дьоҕурдаах Уйбаан Бөтүрүөбүс Ушницкайы анаан, айбыт үлэбититтэн астынар этибит. Элбэхтик олох-дьаһах, ыччат, политика, былаас, сахалар уруккуларын-аныгыларын ырытан, ыраҥалаан, кинини кытта кэпсэппитим мин үлэбэр улаханнык туһалаабытын ахтан, билигин да киниэхэ махтана саныыбын.
«Сарсын киирэ сылдьыам» диэтэ. Сарсыныгар киирэн мин чэбдигирии диэн тылы эппиппин дьээбэлээн күлэр эбит. «Синоним булбакка балай да хаһыстым ээ» диир. «Хата Суорун Омоллоон «чөл олох» диэн этэн биэрэн быыһаата» дии дии күлэр.
Хаартыска: Николаев-Киин
Бэрэсидьиэни кытта 18 сыл бииргэ үлэлээбит Виктор Ноговицын.
Синонимия — тыл биирдэмнэрин биир таһымнаах көрүҥнэрин (тыл, морфема, тыл ситимэ) суолтата толору биитэр толрута суохтук сөп түбэһиитэ.
Синоним – (synonymia – одноименный) греческай тыл. Суолтатынан биир эбэтэр. Чугасыһар өйдөбүллээх, оттон дорҕооннорун састаабынан тус-туспа бэриллэр тыллар бөлөхтөрүн синонимнар диэн ааттанар [Ааллааҕыскай 1957: 4 66].
Синонимнар – дор5ооннорун састаабынан тус-туһунан саҥарыллар, ол гынан баран, биир эбэтэр маарыннаһар суолталаах тыллар ааттаналлар. Нуучча синонимистара синоним уопсай өйдөбүлүн быһаарыылара биирдик олосхуйа илик. Ол эрээри үгүс өттүлэрэ бу үгэс курдук туттуллар быһаарыынан салайтараллар.
Синонимнаһар кэккэ тыллар бүттүүн синонимическай бөлөҕү (кэккэни) оҥороллор. Ол бөлөххө биир сүрүн, баһылыыр-көһүлүүр суолталаах тыл баар буолар. Ол тыл «доминанта» диэн ааттанар. Тылларга доминанта синонимическай бөлөх иннигэр турааччы. Холобур, сылайбыт диэн тыл – доминанта, кинииэхэ синонимнаһар тыллар: илистибит, мөлтөөбүт, ахсаабыт, хараабыт, уҕараабыт, саллыбыт диэн тыллар, бары холбоһон, биир тустаах синонимическай бөлөҕү үөскэтэллэр.
Синонимическай бөлөх тылларын ахсаана биир тэҥ буолбатах. Соро бөлөх синонимнаһар тыллара элбэх, оттон сороҕо аҕыйах буолар. Холобур, үөһэ бэриллибит сылайбыт диэн тыл алта синонимнаһар тыллаах эбит буоллаҕына, ыйытыы диэн тыл боппуруос эрэ диэн тылы кытта сирэй синонимнаһар кыахтаах. Ол курдук, аҕыйах (икки, үс) тыллаах синонимическай бөлөх үөскүүр. Синоним бөлөҕүн үөскэтиигэ синонимнаһар тыллар суолталарын бэйэ-бэйэлэригэр маарынната сатаабакка, доминанта тылга сөп түбэһиннэрэн оҥоһуллуохтаах [Луковцев 1982: 136 142].
Синоним туһунан
Бэйэтин кэмигэр дьоһуннаах үлэнэн сыаналаммыт Ф.И. Фонвизин суруйбут нуучча тылын синонимнарын бастакы тылдьыта 1783 сыллаахха тахсыбыта. Синоним бэйэтин туһугар үгүс уустук өрүттэрдээх, сорох суоллара билигин да ситэ-хото быһаарылла илик, тыл биир баай араҥатынан буолар быһыылаах.
А.Б. Шапиро синоним диэн тугун, кини суолтатын биирдиилээн ученайдар XVII үйэттэн ыла бадахтаабыт аттарыыларын, чинчийбит үлэлэрин анализтаан туран, бэйэтин киэҥ ис хоһоонноох ыстатыйатыгар бу курудк суруйбуттаах : «Между тем словарь синонимов — пособие первой небходимости, наряду с грамматикой и толковым словарем».¹
¹ А.Б. Шапиро. “Некоторые вопросы теории синонимов” (на материале русского языка). Доклады и сообщения Института языкознания АН СССР №8. 1955, с. 69.
А.Б. Шапиро синоним диэн туох өйдөбүллээх буолуохтааҕын туһунан бу курдук түмэр суолтлаах сабаҕалааһыны оҥорбута: «Синонимами являются различные по своему звуковому составу слова, обозночающие одни и те же понятия, в выражение которых вносятся дополнительные оттенки значения».
Нуучча тылын синонимын тула ааспыт өттүгэр синонимиологтар ортолоругар хайдыһан хаалыы баара – биир сүрүн биһирэмнээх быһаарыы олосхуйбатаҕын дьэҥкэтик көрдөрөр.
Профессор Л.Н. Харитонов «Современный якутский язык»² диэн дьоһуннаах үлэтигэр, ким-хайа иннинэ, төрөөбүт тыл синонимын туһунан суруйбута: «Синонимами называют слова одинаковые или близкие по значению, но различные по звуковому составу ( от греч. – одноименный). Синонимы могут заменять друг друга при выражении одного и того же понятия или основной идеия, не нарушая (не искажая) их сущности». Холобур: эһэ, кыыл, тыатааҕы, кырдьаҕас, оҕонньор; самыыр, ардах; модьу, баабый, күүстээх, тэтиэнэх; абыраа, быыһаа, өрүһүй; адьас, ончу, отой, ыыра, букатын, төрүт…
Н. К. Антонов суруйар: «Синонимнары үөрэтии төрөөбүт тыл баайын билэргэ, онон хомоҕойдук тутта үөрэнэргэ улахан туһалаах. Саха тылыгар синонимнар эмиэ балай да киэҥник сайдыбыттар… Синоним буолар тыллар үксүн элбэх суолталаах буоланнар, араас тыллары кытта синоним буоласар түбэлтэлэрэ үгүс буолааччы. Биир тыл хас суолталаах да, соччонон элбэх атын-атын синонимныы кэккэлэри үөскэтэр кыахтаах». Кини тиһэҕэр маннык түмүккэ кэлэр: «Онон үгүс өттүгэр синонимнаһар тыллар бөлөхтөрө олус киэҥ буолааччы. Ол саха тыла эҥин-эгэлгэ тылларынан, ньымаларынан баайын, туһааннаах өйдөбүлү араастык эгэлгэлээн, эҕэлээн, өрүттээн, чуолкайдык уонна хомоҕойдук этэр улахан кыахтааҕын көрдөрөр… Саха тылын синонимнарын баайа араас жанрдар, стиллэр, сыһыаннар бары көрүҥнэрин, араҥаларынан толору хааччыйар курдук, өрүү үксүү, хаҥыы, сайда турар».³
Синонимнар Г.М. Васильев суруйарынан: «Суолталарынан төһө да атылыы курдуктарын иһин, бары үүт-үкчү буолбаттар, бэрт намчы семантическай уратылардаахтар, биллэ биллибэт арахсар дэгэттэрдээх (оттенки, нюансы) буолаллар. Онон синонимнары сатаан, бэйэ стилигэр сөп түюэһиннэрэн, бэргэнник туһаныы – тыл маастарын биир боччумнаах соруга».¹
² Л.Н. Харитонов. Современный якутский язык. Якутск. 1947.
³ Н.К. Антонов. Саха билиҥҥи тылын лексиката. Якутскай. 1967. 33-34 с.
¹ Г.М. Васильев. Нууччалыы-сахалыы поэтическай тылдьыт. 1976.
К. Уурастыырап биир хоһоонугар синонимныы тыллары бэргэнник туттуюут түгэнин ылан көрүөҕүҥ.
«Дьукку билэҕин
Чуубурҕаама,
Ыыра билэҕин
Ыллаҥнаама!»
Бу чуо5а-муо5а суох булгуччу билиннэрэр хабааннаах модьуйуу. Итиннэ туттуллар синоним тыллар дэгэт өйдөбүллэрэ: дьукку туппут, ыыра тарпыт курдук дьуккурхай модьуйуулаахтар. Өскө ити оннугар адьас билэҕин чуубурҕаама… ыллаҥнаама дэммитэ буоллар, саараҥныҥы соҕус, оччо-бачча булгуччута суох модьуйууну өйдөтүө этэ. Адьас – синонимическай бөлөҕү баһылыыр тыл. Кини бэйэтин бөлөҕүн иһинээҕи атын тыллар араас өрүттээх дэгэттэригэр ханнык да кытыга суох уопсай сыһыаннаһыыны тутуһар. Бу бөлөххө киирсэр сорох тылар дэгэт өйдөбүллэрин аттарыыга хас биирдии тыл төрүт, олох суолтатыгар олоҕуран быһаарыы, ордук төрүт олох суолтатыгар олоҕуран быһаарыы, ордук тоҕоостоох курдук. Холобур, ыыра, туура, булгу, отой, түөрэ диэн тыллары дьуккуччу ылыннарар эбэтэр ылыннарбат санааны туруору этэргэ туттуохха сөп. Ол аата маһы дуу, ханнык эрэ атын предметы ыыра, туура, түөрэ тарппыкка, булгу туппукка, отойбукка холоонноох модьуйуу буолуохтаах.
Эллэй хоһоонугар этиллэринэн: «Булгу барбыт кынаты ким хайаан да көтүтүөй?!» Кырдьык, ыыра тардыллыбыт, булгу тутуллубут самсана охсуллубута дьэҥкэ.
Синоним биир суол тустаах анала – тыл суолтата кубулдьутуллан, кини өйдөбүлэ бэрт намчы дэгэттэнэн бэргэнник туһаныллыытын хааччыйыы. Синоним тыл саныыр санааны чочуйар, этэр этиини эгэлгэлиир, тыллаһар тылы кылаанныыр. Манан синоним тыл суолтатын дарбата сатаабаппыт, кини дэгэттээн этэргэ табыгастаах тылларын көмөлөһөр өҥөлөөҕүн тоһоҕолоон этэбит.
Синоним бөлөҕүн иһинээҕи хас биирдии тыл төһө дэгэт суолталанар да, соччонон туспа синонимныы бөлөҕү үөскэтэр. Холобур, үчүгэй, үтүө, күндү; кэрэ, эриэккэс; талыы, талба, мааны; туйгун чулуу диэннэр синоним биир бөлөҕө буолан ылар кыахтаахтар. Оттон тыллар тустаах дэгэтэринэн сөпсөһөн, тус-туһунан синоним биир бөлөҕө буолан ылар кыахтаахтар.Оттон тыллар тустаах дэгэттэринэн сөпсөһөн, тус-туһунан синоним бөлөҕөр хайдаллар. Ол хайдыыга атын саҥа тыллар кытталлар, дэгэт суолтата тэтимирэр: Үчүгэй дьүөгэм – үрдүттэн судургу үчүгэй. Күндү дьүөгэм – ханнык эрэ күндүргэтэр дэгэттээх үчүгэй. Үтүө дьүөгэм – таһыччы истиҥ эрэннэриилээх үчүгэй [Аллааҕыскай 1982: 3-9 142].
Саха синонимикатын үөрэтии билиҥҥи туруга
Саха тылыгар синонимы үөрэтии туругун туһунан кылгастык билиһиннэрэр буоллахха, саха тылын синонимиятын туһунан методическай суолталаах үлэ суоҕун кэриэтэ (1982 сыл туругунан). Ол курдук саха тылынүөрэхтээхтэрин сорох үлэлэригэр, тылдьыттарга кыратык, хам-түм туттуллан, таарыллан ааһаллар.
Элбэх синонимнаһар тыллар Э.К. Пекарскай «Словарь якутского языка» диэн тылдьытыгар бэриллэллэр.Холобур, алдьархай, диэн тыл синонимнарынан быһылаан, илдьиркэй, өлүү, үлүгэр, сор, эрэй, муҥ диэн тыллар киллэриллэллэр.
А.Е. Кулаковскай «Статьи и материалы по якутскому языку» диэн кинигэтигэр харамайдар уонна үүнээйилэр (диалектальнай тыллар) синомнаһыылара хабыллар. Холобур эһэ диэн тыл, сорҕото төһө да архаичнай суолталааҕын иһин, 22 синонимнаһар тыллардаах эбиттэр. Эһэ – талкы, аабый, хохтуула, эбэ, оҕонньор, тойон, улуу кыыл, тыатааҕы, ойуурдааҕы, арбаҕастаах, хоох, кини, мэлбэр, моҕус, сырҕан, хардаҕас, хадаччы, маппыйар, таптыыгын, накыта, накыйбах.
А.Е. Кулаковскай эһэ итиччэ элбэхаатааҕын икки суолунан быһаарар: маҥнайгытынан, эһэ саха сиригэр киэҥ сиринэн тэнийбитинэн, ол иһин араас сирдэргэ араастык ааттамытынан, иккиһинэн, итэҕэл, иччи өйдөбүллэрэ баалларынан куттанан, сэрэнэ, тардына ааттабыттарыттан тахсыбыт.
Маҥнайгы синонимы үөрэтиигэ анаммыт үлэнэн П.П. Барашков 1938 с. Илиинэн суруллубут үлэтэ «Словарь синонимов и омонимов на русском шрифте» диэн үлэтэ буолар. Бу тылдьыкка тыллар алфавит бэрээдэгинэн суруллаллар. Доминанта буоалр тыл бастатыллар. Ол кэнниттэн синонимическай бөлөх бэриллэр. Синонимнары быһаарар холобурдар этиилэринэн доҕуһуолланаллар.
Итилэри таһынан проф. Л.Н. Харитонов «Современный якутский язык» диэн үлэтигэр «Лексика» диэн разделга синонимнарга биир туспа параграф анаммыта. Проф. Е.И. Убрятова «По синонимике синтаксических конструкций» (сб. «Языки народов Сибири»), И.П. Винокуров «Синонимика падежных конструкций в якутском языке», А.Г. Нелунов «Глагольная фразеология якутского языка» — диэн үлэлэр бааллар. [Луковцев 1982: 136-138 142].
Саха синонимиката үөскээбит уонна
байытыллар суоллара
Саха синонимнаһар тыллара, араас кэмнэргэ үгүс ураты ньымаларга олоҕуран, сыыйа үөскээбиттэрэ.
1. Атын омуктартан кирбит тыллартан: боростуой, киитэрэй, чыын, оонньууска (нуучч.); судургу, соло (монг.); уктас (тув.); ньымаат (эвенк) уо. д. а.
2. Саха диалектнай тыллара уопсай тылы кытта булкуһууларыттан: ыйыт – сураа; ыарытыган – араҥ; дьабарааскы – өргүө; лааҥкы – алыҥах; долбуур – холорук; тоҥсоҕой – тоноҕос; кукаакы –ньокоокуй; тэмэлдьигэн- тоноҕос уо. д. а.
3. Харыс тыллары (эвфемизмнары) туттууга куһэлититтэн: хотой – тойон кыыл, эһэ – кырдьаҕас, тыатааҕы; абаһы хараҕа – көрөр, анаарар уо.д.а.
4. Тылы сымната саҥарыыттан: хат, оһоҕостоох – ыарахан; өлбүт – куһаҕан буолбут, айаннаабыт, барбыт уо.д.а
5. Төрүт синонимнаһар тыллартан: маҥан – уруҥ; кыра – аччыгый, оччугуй, быыкаа, быыкаайык, куйа, дуона суох; үчүгэй – бэрт, үтүө…
Нуурайар чуумпу күөл дьиримнии истэрэ,
Нусхайар чугас тыа мичиҥнии күлэрэ (П.О.).
(күл, мичилий, күлүм аллай, ымай, ырбай, мырбай – синоним бөлөҕө)
Ымай-ырбай ырыанан ырбай (П.О.).
Көрсүө дьүһүннээх, номоҕон ньуурдаах, сэрэммит сирэйдээх… Тоҕус сүөм холобурдаах норуллар ноолур солко суһуохтаах эбит. (А.К.).
(дьүһүн, сирэй, ньуур; баттах, суһуох). [Луковцев 1982: 138-139 142].
Туһаныллыбыт литэрэтиирэ:
1. Ааллааҕыскай Н.А. Саха тылын синонимнарын, омонимнарын уонна антонимнарын тылдьыт. Якутскай 1957. Якутская республиканская типография. 66 с. Синонимия
2. Ааллааҕыскай Н.А. Саха тылын антонимнарын тылдьыта. Якутскай 1976. Якутское книжное издательство. 53 с.
3. Аалааҕыскай Н.А., Х.Х. Луковцев. Саха тылын синонимнарын кылгас тылдьыта. Якутскай 1982. 142 с. Синонимия
Эг
- э̄гдаван
эгдаван - почему так долго, как долго; эгдаван онёдённи! Амая! почему так долго пишешь! Скорее!; эгдаван оносчон нямасалва сириливдяӈалвэ! как долго он искал важенок, которых нужно доить!; эгдаван итыгадянни! Амая! как долго собираешься! Скорее!
- эгдат
- часто, обычно
- эгдэкэ
- одежда (верхняя)
- эгдэн ~ эгдэ̄н
- тайга
- эги
- болезнь (головы оленя)
- эгӣ-
эги-ми - 1) вкладывать, засовывать; 2) чистить ружьё
- эгивун
- шомпол
- эгивчэн-
- отдаваться эхом
- эгла̄-кэ
эгла-кэ - за что же, куда же
- эгнэв-
- упасть (вниз головой)
- эгэ̄
эгэ - ого! (призыв); эгэ-гэ ого! ай-ай-ай!
- эгэ-
- перенести, перетащить (на себе)
- эгэл-
- обойти, окружить (на охоте)
- эгэлгэ̄
эгэлгэ - облава на охоте
- эгэлгэ̄-
эгэлгэ-ми - окружить (на охоте)
- эгэмэлчэ-
- поправляться (о роженице)
- эгэнӣ
эгэни - 1) подмышка; 2) пазуха; нуӈартын химамэмэт листовкалва эгэнидувэр дымэлчэрэ они быстро засунули листовки за пазуху
- эгэр-
- бежать (в предсмертной агонии)
- эгэрӣ-
эгэри-ми - стонать, охать
- эгэрӣктэ-
эгэриктэ-ми - корчиться (охая от боли)
- эгэркэ̄т-/ч-
эгэркэт-ми эгэркэч - торопиться, спешить
- эгэ̄т
эгэт - давай не будем (что-л. делать); нуӈанман эгэт дявучара ~ нуӈанман эгэт дяваксира давай не будем его ловить
- Источник
-
Эвенкийско-русский словарь
В 2 ч. — Новосибирск: Изд-во СО РАН, филиал «Гео», 2000. — 500 с. — ISBN 5-7692-0367-6.
- Поделиться
3 октября 2011 г.
Как начиналось «Эгэлгэ»
Высокий, голубоглазый Леван познакомился с миниатюрной и хрупкой якутской девушкой Аллой девять лет тому назад. Вряд ли они подозревали о том, что романтическая встреча перерастет в дружную семью, а их тандем создаст семейный бизнес – ювелирную компанию «Эгэлгэ». Леван по образованию финансист, а Алла работала в отделении АлданЗолото, имела опыт работы в ювелирной сфере. Были мысли заняться собственным бизнесом, но удерживали страхи и риски, пока они не узнали об имущественной государственной поддержке – бизнес-инкубировании. Название-то какое смешное! Изучив вопрос, решили подать заявку на конкурс по заселению в стены инкубатора. Благодаря грамотному бизнес-плану, семья Саакадзе с легкостью выдержала конкурс и стала резидентом. В том же 2009 году подали заявку на грант в Министерство по делам предпринимательства и развития туризма, — и снова победа! На 50 тысяч рублей купили оборудование, конечно, понадобились и собственные средства. Начинать было нелегко, не все получалось с первого раза. Но с самого начала семейный союз задал правильный вектор своему делу: их кредо – красота и качество. Главная ставка — на якутские национальные и стилизованные украшения. Творческим процессом в компании занимается Алла, по техническим вопросам груз дел берет на себя Леван. Если говорить об украшениях в национальном стиле, то стоит отметить, что ручной работы здесь больше всего. Узоры и орнаменты несут в себе сакральные значения и вбирают в себя тепло рук мастера. Такие украшения нельзя штамповать, при этом они теряют свою суть, истинное предназначение – дарить обладателю радость, благосостояние, быть не просто побрякушкой, а оберегать и защищать своего хозяина. Название для компании предложила Алла, ориентируясь на благозвучность, легкость в произношении и смысл слова. «Разнообразие», почти синоним богатства, звучит приятно, выговорить могут и не носители языка, что очень важно, ведь ювелирная компания в будущем планирует выйти на Российский, затем и на мировой уровень. И есть предпосылки! В этом году «Эгэлгэ», как экспортно-ориентированная компания, выиграла грант в размере 500 тысяч рублей. Деньги вложены на развитие компании. Еще одно радостное событие для коллектива «Эгэлгэ» — открытие магазина в п. Нижний Бестях Мегино-Кангаласского улуса. Это одна из малых родин Аллы. Там родилась и выросла ее мама Если раньше сдавали на реализацию в другие магазины, то теперь есть собственная точка сбыта производимой продукции. Это станет хорошим звеном в создании цепочки: производство – сбыт. «Чтобы был полный цикл, нам осталось освоить добычу золота и серебра», — смеется Леван.
Что значит инкубатор в сердце резидента
«Для нас это место какое-то волшебное. Здесь позитивная атмосфера, здесь особенное состояние души, хочется творить и работать. Если сначала не очень тесно общались с другими резидентами, то теперь со всеми приятельские отношения, радуемся успехам, просим помощи, сами помогаем друг другу. Здесь всегда можно получить нужные советы в профессиональном плане: в юридических вопросах, по ведению бухгалтерии, по налогообложению. О хороших дружеских отношениях с резидентами свидетельствует тот факт, что помощь в проекте магазина в Бестяхе помогала делать дизайн-студия «Тривиди», ее хозяйка Июлия Михайлова уже выпускница бизнес-инкубатора. На городской конкурс на звание «Лучшего предпринимателя» меня пригласил тоже резидент и председатель Ассоциации молодых предпринимателей Иннокентий Лазарев. Членом ассоциации которой является «Эгэлге» Считаю этот конкурс очень полезным в плане стимула. «Эгэлгэ» гордится званием, мы встали наряду с такими крупными фирмами и производителями, как ООО «Сибирский деликатес», предприятие по производству мяса и субпродуктов (гендиректор Наталья ДУДНИК), ООО СКМ «Акварель» (директор Алена КРАСНОВА), ООО «Республиканское ипотечное агентство», предприятие, оказывающее услуги по ипотечным операциям (генеральный директор Сергей РАДЬ). Кроме того, в номинации «Лучшее производственное предприятие» мы получили II место! Казалось бы, звание и доска почета на один год, а какой заряд энтузиазма! Рождается желание «не подкачать», продолжать расти, идти вперед, получить звание еще и еще раз, доказывая свою состоятельность.
Нынче летом съездили на красавицу-Амгу на «Бизнес-лагерь», организованный республиканским Центром поддержки предпринимательства. Это был мощнейший заряд бодрости и позитива. Множество людей со всех концов нашей республики, объединенных одной идеей – бизнесом, свежий воздух, чистейшая река, масса полезных мероприятий: семинаров, тренингов, конкурсов. Даже еда была спартанской, но безумной вкусной! Наверняка все там побывавшие с нетерпением ждут следующего лета, чтобы окунутся в ту же атмосферу, во всяком случае, мы точно ждем! Мы, резиденты бизнес-инкубатора, рискуем сильно избаловаться: нам организуют различные семинары, лекции, оказывают всяческую помощь и поддержку.
Скоро заканчивается период инкубирования, мы должны будем съехать, и, хотя у нас еще впереди почти год, мы уже грустим. Вводим свое предложение – инкубирование довести до 5 лет! В день выезда, наверное, будут слезы… Хотя, я думаю, мы всегда будем держать тесную связь и с «Центром поддержки предпринимательства РС(Я)», в введении которого находится наш бизнес-инкубатор, и с его сотрудниками, и нашими коллегами предпринимателями».
«Эгэлгэ» — разнообразие в мир
Можно по праву сказать, что компания «Эгэлгэ» создана и развивается, благодаря государственной программе поддержки предпринимательства. Компания получает комплексную поддержку: имущественную — в виде льготной аренды в бизнес-инкубаторе, со всем необходимым для ведения бизнеса; финансовую — в виде грантов. За это создатели компании искренне благодарны Министерству по делам предпринимательства и развития туризма, Центру поддержки предпринимательства РС(Я). Но, как говорится, лучше дать удочку и научить ловить рыбу, нежели подать готовую. И «умение обращаться с удочкой» резидентов Саакадзе, несомненно, радует. В их планах расширять производство и сеть точек реализации, находить новых клиентов, как розничных, так и оптовых, выйти сначала на российский рынок, потом и на мировой, в конкурентной борьбе выходить победителями. При чтении этих строчек может сложиться впечатление, что все идет, как по маслу. А между тем, не все так гладко, как хотелось бы: хозяева отмечают колоссальную технологическую отсталость в оборудовании для ювелирного производства в целом во всей стране. Отмечают дороговизну авиабилетов, — ведь для того, чтобы заявить о себе, необходимо участвовать в различных выставках в других городах, трудность в нахождении ценных кадров и удержании их на месте. Но, все же, на сегодняшний день в ювелирном производстве компании трудится восемь человек. И все они с надеждой на лучшее смело смотрят вперед.
Поздравляем молодую ювелирную компанию «Эгэлгэ» с победой в конкурсе «Лучшее предприятие г.Якутска», с открытием собственного магазина! Желаем дальнейших высших побед!
Наталья БОРИСОВА